Перевод с якутского
икки ардынан
аат тыл · этии
Нууччалыы выражая абстрактно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предметов, между которыми распространяется…
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
дьөһ
Идэмэр кустук обургу Илин-арҕаа халлаан Икки ардынан Иэхэйдээн-чуохайдаан, Иирэн-битийэн, Этэ дьиэһийэн Эрэр аххан эбит
Өксөкүлээх Өлөксөй
2 аат тыл #
Абстрактнай миэстэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын туох эмэ ыккардынан тарҕанарын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Выражая абстрактно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предметов, между которыми распространяется, совершается действие (между)
3 аат тыл #
Утарсар, солбуйсар суолталаах көстүүлэри, хайааһыннары бэлиэтииргэ туттуллан, хайааһын хайдах оҥоһулларын ыйан, буолуу сыһыанын көрдөрөр (паараласпыт эбэтэр ситим тыллаах аат. аат туохтуурдары кытта тут-лар)
Нууччалыы Употребляясь при обозначении противоположных или чередующихся явлений и действий, выражает отношение способа и образа действия (употр. с парными или соединенными союзами именами и прич.)
Ыгытов манна сирдээн аҕалбыт табаарыстарыныын сүүрэр-хаамар икки ардынан төттөрү бараллар. Н. Якутскай Оргууй аҕай, хамсыыр-хамсаабат икки ардынан хааман чугаһаан истим. Т. Сметанин Ваня хомойбут икки кыыһырбыт икки ардынан көрөн кэбистэ, көхсүн этиттэ Амма Аччыгыйа
4 аат тыл #
Предмет бэлиэтин ыйан, быһаарар сыһыаны көрдөрөр (быһаарыылаах тыл холбоһугар тут-лар)
Нууччалыы Указывая на признак предмета, выражает определительные отношения (употр. в определительных словосочетаниях)
Били бэйэбит биэс боруода биэлэрбититтэн төрөөбүт оҕолор аҕаларын, ийэлэрин икки ардыларынан көрүҥнээх буолан хааллылар. Эрилик Эристиин Сымыйа, кырдьык икки ардынан кэпсээннэ кэпсээ, оччоҕо уоту биэриэм. Саха фольк Өлбүт, тыыннаах икки ардынан итэҕэс уолчаан тыын быһаҕаһынан тыынан бөтүөхтүүр, атахтарын хамсатар сэниэтэ суох. С. Курилов (тылб.)