Перевод с якутского
туочука
аат тыл
Нууччалыы точка (знак препинания). [Афанасий Васильевич] дакылаата хас соппутуойугар, туочукатыгар тиийэ бэчээттэнэн бэлэм
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Этиини араарарга эбэтэр тылы кылгатарга туттуллар сурук бэлиэтэ
Нууччалыы Точка (знак препинания). [Афанасий Васильевич] дакылаата хас соппутуойугар, туочукатыгар тиийэ бэчээттэнэн бэлэм
Софр. Данилов. Элбэх туочуканан бэлиэтэммит быстаҕас этиилэр киэҥ ис хоһооннорун ааҕааччы бэрт үчүгэйдик өйдүүр КНЗ КАӨ
2 аат тыл #
Туох эмэ уһуктаах (хол., харандаас, уруучука, иннэ төбөтүн) суола, бэлиэтэ; кыра хара бээтинэ
Нууччалыы След от прикосновения, укола чем-л. острым (напр., кончиком карандаша, ручки, иглы); маленькое круглое пятнышко, точка. [Оҕолор] тэтэрээт биир сирэйин бүтүннүү харандааһынан туочука туруорбуттар
Дьүөгэ Ааныстыырап. Биир үрүҥ, биир хара – икки хамсыыр туочука суолга көһүннэ Т. Сметанин
3 аат тыл #
Туох эмэ турар сирэ, миэстэтэ
Нууччалыы Место, пункт, в котором расположено, размещено что-л
Эрэспиэччиктэр өстөөх уот аһар туочукалара ханан баарын араадьыйанан биллэрбиттэрэ. Т. Сметанин [Климов:] Бу эппиэттээх туочука. Халаан уута быһыты манан төлө көтүөн сөп ХС
4 аат тыл #
калька. Туох эмэ бүппүтүн бэлиэтииргэ туттуллар тыл
Нууччалыы Точка (в значении сказанного то же, что кончено)
Оннооҕор мин Туочуканы туруоран Тохтуур туоммун Тобулу билбэппин. А. Софронов [Малардыырап:] Үлэ чааһын кэмигэр таах күүлэйдии сылдьымыахха. Туочука! И. Гоголев Порфирьевич [Сеняны] туочука туруорар курдук: "Сыа!" – диэн суос-соҕотох тылынан саҥата суох ыытта
Н. Лугинов
5 аат тыл #
мат. Кээмэйэ суох икки көнө быһа охсуһар сирэ
Нууччалыы Основное понятие геометрии – место пересечения двух прямых, не имеющее измерения, точка
Сурааһын төннөр туочуката