ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

линиэйкэ

аат тыл

Нууччалыы планка для проведения прямых линий и произведения измерений; линейка

1 аат тыл #

Көнө сурааһыны тардарга уонна мээрэйгэ туттуллар көнө кырыылаах оҥоһуулаах, хаптаҕай, уһун оҥоһук (мас, тимир уо. д. а.)

Нууччалыы Планка для проведения прямых линий и произведения измерений; линейка

  • Начаалынньык тыастаахтык алтан линиэйкэни сулбу тардан ылан ытыһын охсон таһырҕатта.
    М. Доҕордуурап
  • Бартыбыалбар үөрэнэр кинигэлэрбин, харандаастарбын, уруучукабын, линиэйкэбин - биир тылынан уруокка туох наада буоларын барытын укпутум
    ХС

2 аат тыл #

Туохха эмэ (хол., тэтэрээккэ) тардыллыбыт көнө сурааһыннар

Нууччалыы Прямые линии, нанесенные на что-л.; линейка

  • Линиэйкэлээх тэтэрээт.
  • Хоһоону нотнай линиэйкэҕэ суруйан, дорҕоонноохтук ааҕыы схематын оҥорон, кылаас иннигэр ыйыахха сөп
    СОТТЛ

3 аат тыл #

Кыттааччылар шеренганан стройдуур түмсүүлэрэ

Нууччалыы Сбор, на котором участники выстроены шеренгами; линейка

  • Үөрүүлээх линиэйкэ.
  • Уһун бэрэмиэнэҕэ уолаттар уонна кыргыттар бука бары линиэйкэҕэ турбуттара
    БТТ

«Л» буукуба