Перевод с якутского
этии
аат тыл
Нууччалыы выраженная словами мысль, суждение, высказывание
English speech, utterance
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Саныыр санааны өйгө сааһылаан баран саҥарыы
Нууччалыы Выраженная словами мысль, суждение, высказывание
Хата, бу сөп этии буолаарай М. Доҕордуурап Дьон иннигэр бэйэ санаатын саҥарыы, саҥаран тириэрдии. Θ Выступление (с речью). Кини Өлөксөй этиитин бэркэ сөбүлүү иһиттэ В. Протодьяконов
2 аат тыл #
тыл үөр. Биир тылынан эбэтэр хас да тыл ситимнэһиитинэн ситэриллибит санааны биэрии
Нууччалыы Грамматически оформленная целостная единица речи, являющаяся главным средством формирования, выражения и сообщения мысли, предложение
Этиини уонна тыллар ситимнэһиилэрин тэҥнээн көрүҥ. ПНЕ СТ. Тутаах чилиэннэрдээх уонна быһаарар тыллардаах биэс этиитэ бэйэҕититтэн булан суруйуҥ. АЕ СТ
3 этии #
Этиилэр
Сүрэх этиитинэн көр сүрэх I
Сиэним сүрэҕин этиитинэн кэлэн көмөлөһөн барара миигин олус үөрдэр.
Хойукку таба этиитэ көр хойукку
Хойукку таба этиитэ барыахпыт. Болот Боотур
4 этии #
тыыр этии көр ааттаа I. Барамай аата эрэ ааттанар, кэпсиирэтэ ирдэниллибэт этиини ааттыыр этии дэнэр. ЧМА СТС СЭ.
Нууччалыы Односоставное предложение
Этиилэр
Айыыны этии көр айыы III
Сотору аҕабыыт ырыата бүтэн, айыы этиитэ саҕаланар. И. Бочкарёв Айыыны этии оччотооҕу оҕолорго улахан сабыдыаллааҕа. ФГЕ ӨӨСҮҮ
Баһылатыылаах холбуу этии көр холбуу
Баһылатыылаах холбуу этии икки чаастаах. ЧМА СТС СЭ
Биир састааптаах этии
тутаах чилиэннэриттэн биирэ эрэ баар, атына суох уонна ирдэниллибэт даҕаны этии Тутаах чилиэннэриттэн биирэ эрэ баар, атына суох уонна ирдэниллибэт даҕаны этиини биир састааптаах этии дэнэр.
ЧМА СТС СЭ.
Болдьох салаа этии көр болдьох
Болдьох салаа этиилэрдэ толкуйдааҥ.
Быһаарыылаах сирэйдэммит этии көр быһаарыылаах
Кэпсиирэлэрэ туохтуур маҥнайгы эбэтэр иккис сирэйинэн бэриллэр, туһаана суох этиилэри быһаарыылаах сирэйдэммит этиилэр дэнэр. ЧМА СТС СЭ. Быһаарыыта суох сирэйдэммит этии тыл үөр. – кэпсиирэтэ туохтуур элбэх ахсаанын үһүс сирэйинэн бэриллэр, туһаана биллибэт уонна ирдэниллибэт этии.
Неопределённо-личное односоставное предложение.
Суруйбут дьыктааммытыгар быһаарыыта суох сирэйдэммит этии олус элбэх эбит.
Икки састааптаах этии
туһаан уонна кэпсиирэ иккиэн баар этиитэ.
Двусоставное предложение.
Икки састааптаах этиилэр ырытарга судургулар.
Кубулдьутан этии көр кубулдьут
Бу эмиэ кубулдьутан этии ис хоһоонноох чабырҕах. Саха фольк
Кубулутан этии көр кубулут
Троп, хоһуйуу
уобарастаан этии: тылы биитэр этиини ханнык эмэ сыһыанынан, маарынныыр өттүнэн атын тылга, атын этиигэ көһөрөн, кубулутан, хоһуйан этии.
ВГМ НСПТ.
Күүһүрдүү этии көр күүһүрдүү
Этэр санааҕа ханнык эмэ күүстээх иэйии (үөрүү, кыыһырыы, соһуйуу, куттаныы, ыҥырыы уо. д. а.) эбиллэр этиитин күүһүрдүү этии дэнэр. ЧМА СТС СЭ. Туох эмэ туһунан күүһүрдэн, күүркэтэн этэри күүһүрдүү этии дэнэр. ПНЕ СТ
Кыбытык тыл (этии) көр кыбытык
Кыбытык этиилэр саҥарааччы, этэр санаатыгар даҕатан, эбии бэлиэтээһиннэрин көрдөрөллөр. ЧМА СТС СЭ
Салаа этии көр салаа II
Ааҕыҥ. Салаа этиилэргэ ыйытыыта туруоруҥ. СТ С
Соруйар этии көр соруй
Кими эмэ тугу эрэ оҥорорго көрдөһөр эбэтэр соруйар этиини соруйар этии диэн ааттанар. ПНЕ СТ
Судургу этии көр судургу
Холбуу этиигэ киирэр хас биирдии судургу этии бэйэтэ тутаах чилиэннэрдээх. ПНЕ СТ. Оҕолор учуутал салалтатынан бастаан судургу этии тутаах чилиэннэрин булаллар. ПНЕ СТ
Сэһэн этии көр сэһэн
Туох эмэ туһунан кэпсиир этиини сэһэн этии дэнэр. ПНЕ СТ. Көннөрү кэпсээни сэһэн этии дэнэр. АЕ СТ
Толорута суох этии көр толору
Толорута суох этии биир тылы хос-хос этэн лабаҥхалаабат наадатыттан туттуллар. ЧМА СТС СЭ
Толору этии көр толору
Толору этиилэрдэ толкуйдааҥ. Этэр санааҕа наада буолар чилиэннэр бары сирэйинэн баар этиилэрин толору этии дэнэр. ЧМА СТС СЭ
Тутаах этии көр тутаах
Баһылатыылаах холбуу этии тутаах этиитин ыйыҥ.
Тэнийбит этии көр тэний
Тутаах чилиэннэртэн ураты ойоҕос чилиэннээх этии тэнийбит этии дэнэр. ПНЕ СТ
Тэнийбэтэх этии көр тэний
Оҕолоор, тиэкистэн тэнийбэтэх этиилэри булан устуҥ. Тутаах эрэ чилиэннэрдээх этии тэнийбэтэх этии диэн ааттанар. ПНЕ СТ
Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии көр тэҥҥэ
Тэҥҥэ холбоммут холбуу этиилэри тиэкистэн булан устуҥ.
Ханалытан этии көр ханалыт
Биһиги сахалыы литературнай тылбыт хос-хос этиини, тэҥнээһиннэри, ханалытан этиилэри таптыыр. "Чолбон".
Холбуу этии көр холбуу
Икки эбэтэр хас да судургу этиилэртэн турар этиини холбуу этии диэн ааттанар. ПНЕ СТ. Холбуу этии маҥнайгы чааһа төрүөт буолар, оттон түмүгэ иккис чааһыгар этиллэр. ЧМА СТС СЭ
Ыйытыы этии көр ыйытыы
Ыйытыы этиигэ ыйытар тылы бэлиэтээн этиллэр, онно куолас үрдүүр. ПНЕ СТ. Ыйытыы этии анал бэлиэлэрдээх. ЧМА СТС СЭ
Этии биир уустаах чилиэннэрэ
биир уустаах чилиэннэр диэн курдук (көр биир). Этии биир уустаах чилиэннэрэ биир тылга сыһыаннаһаллар уонна биир ыйытыыга эппиэттииллэр. ПНЕ СТ. Этии чилиэнэ тыл үөр. – этиигэ киирэн, ханнык эмэ ыйытыыга хоруйдуур тыл эбэтэр тыл ситимэ.
Член предложения.
Этии чилиэннэрин ырытыҥ. Этиигэ киирэн, ханнык эмэ ыйытыыга хоруйдуур тыллары эбэтэр тыллар ситимнэрин этии чилиэнэ дэнэр. ЧМА СТС СЭ