ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ханалыт

туохтуур

Нууччалыы делать по-иному, иным, переделывать, переиначивать

1 туохтуур #

Атыннык уларытан, кубулутан эт, ааттаа (хол., тугу эмэ кистии, биллэрбэккэ буола сатаан)

Нууччалыы Делать по-иному, иным, переделывать, переиначивать (напр., название местности, имени человека)

  • Кыычаан диэн дьоно оҕо турбатаҕыттан ыксаан ханалытан ааттаабыт ааттара этэ.
    Р. Кулаковскай
  • Цензураттан ханалытан, айымньытын аатын "Манчаары түөкүн" диир. КНЗ КАӨ. "Табын эбэ" диэн ытык алааһы ханалытан "Хоту эбэ" диэн ааттыыллар
    ХС

2 туохтуур #

Куотуна сатаан бэйэҕиттэн тугу эмэ (хол., уорбалааһыны) атын киһиэхэ үтэй, бэйэҕэр ылыныма, бэйэҕин быыһаан ыл, куотун

Нууччалыы Отводить от себя что-л., сваливать что-л. на другого (напр., подозрение), выгораживать себя

  • Туллукчаана хайдах даҕаны ханалытыан табыллыбат буолла, кырдьыгынан билинэргэ тиийдэ.
    В. Протодьяконов
  • Бэйэтиттэн ханалытан этэр
    ЯРС

3 этии #

Этиилэр

Ханалытан этии

ханалытыы диэн курдук.

  • Биһиги сахалыы литературнай тылбыт хос-хос этиини, тэҥнээһиннэри, ханалытан этиилэри таптыыр, ол нуучча тылыгар сэдэхтик көстөр. "Чолбон"

«Х» буукуба