Перевод с якутского
ыйытыы
аат тыл, аат
Нууччалыы вопрос
English question
1 аат #
ыйыт диэнтэн хай. аата. Устурууктар этэн бүтэрбитин кэннэ ыйытыы буолла. Н. Неустроев. Куруук ыйытыынан дьарыктанааччы Иосиф аҕабыыт Собачкин этэрин быһа түһэн ыйытта. Эрилик Эристиин. Аҕаларыттан Баһылай оҕонньортон ыйытыы буолар. Суорун Омоллоон.
Этиилэр
Ыйытыыта суох ылыам суоҕа!
диэн Ийэлээх аҕабар Мэктиэ тыл биэрбитим.
Т. Сметанин
2 аат #
суут-сок. Буруйданааччыны, кэрэһити ыйытан, буруй хайдах оҥоһуллубут түгэнин быһааран билии, чуолкайдааһын
Нууччалыы Опрос обвиняемого, свидетеля для выяснения обстоятельств преступления, допрос. – Дьэ, сатамматахпыт, ыйытыы, силиэстийэ буоллаҕына, арыыны миэхэ аҕалан иһэргин төрүт этимэ
Холуобунай процессуальнай сокуон биир сүрүн көрдөбүлэ – буруйу оҥорууга уорбаланар киһини ыйытыы, доппуруостааһын. М. Попов Онон эһиги, тыыннаах хаалыаххытын баҕарар буоллаххытына, ыйытыыга адьас туох да эрэйэ суох көнөтүнэн эппиэттээн истэххитинэ сатанар. С. Никифоров Ол ыйытыылар – тыл ыйытыыта буолбатахтара, барыта үлтү таһыйан туран ыйытыы: ол үрдүгэр аччыктатан өлөрө сыспыттара Чолбон
3 этии #
Нууччалыы Вопросительный знак
Ыйытыы бэлиэтэ тыл үөр. – ыйытары бэлиэтиир анал ойуу Ыйытыы бэлиэтэ ыйытыы этии кэнниттэн туруоруллар. ЧМА СТСАКҮө. Семён Титович тылбааһын анныгар "Ураа?!" – диэн суруйан бадьаарыппыта уонна ити тылы кытта сэргэстэһиннэрэ икки бэлиэни – ыйытыы уонна күүһүрдүү бэлиэлэрин туруортаабыта. ХС Ыйытыы этии кэнниттэн ыйытыы бэлиэтэ, күүһүрдүү этии кэнниттэн күүһүрдүү бэлиэтэ тураллар. КИИ СТ-2. Ыйытыы этии тыл үөр. – билбэтэҕи билээри, тугу эрэ быһаартараары истээччини эппиэттииргэ көҕүтэр этии. Θ Вопросительное предложение. Сэһэн этиилэри ыйытыы этии оҥоруҥ. ПНЕ СТ. Ыйытыы этии ыйытар тыллаах уонна ыйытар интонациялаах. СОТТЛ. Ыйытыы этиигэ ыйытар тылы бэлиэтээн этиллэр, онно куолас үрдүүр. ПНЕ СТ