ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былыргы

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы древний; давний; древность - былыргы adj

English ancient, long-standing

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Нууччалыы древний; давний; древность - былыргы adj

English ancient, long-standing

  • былыргы үһүйээн
    древнее преданиеan ancient legend

2 даҕааһын #

Олус өрдөөҕү кэмҥэ баар буола сылдьыбыт, олус өрдөөҕү кэмтэн баар

Нууччалыы Древний, старинный; давний, старый

  • Былыргы оҥоһук. Былыргы дьиэ. Былыргы сэһэн.
  • Мин бардым: бухатыыр эһэлэрим Былыргы аартыктарын арыйан, күн дьонум дьоллоох көҥүллэрин Хараҥа күүстэртэн харыһыйа. Эллэй. [Кыһыл Армия] Быстыбат аймаҕар харыһык буолаҥҥын, Былыргы былааһы умсары уураҥҥын, Көччүйэн үөскээбит хотугу кыраайбыт Көҥүлүн көмүскээн, көмөҕүн көрдөрдүҥ
    Күннүк Уурастыырап

3 аат тыл #

суолт. Былыргы кэм

Нууччалыы Древнее, старое время

  • Оҕонньор наар былыргыны кэпсиир.
    Суорун Омоллоон
  • Көмүлүөгү, күөһү кэтии... Уокка аргынньахтыы, Ытык кырдьаҕас өр кэпсиир Былыргыны арбыы. Дьуон Дьаҥылы. “Былыргылар муннуларын анныттан, атахтарын тумсуттан ырааҕы көрбөт этилэр”, - диэн халыҥ баайы мунньан биэрбит аҕатын хомуруйар буолан эрэр
    А. Сыромятникова

4 этии #

Нууччалыы Давным-давно позабыто (и незачем это ворошить), былое быльем поросло

  • Былыргыны былыт саппыта - урукку умнуллубута өр буолла (ону түөһэр, көбүтэр, ахтар наадата суох) Былыргыны былыт саппыт, аныгыны айыы айбыт (өс хоһ.). Ону мин истибитим быдаарыйбыта. Былыргы дьыл былытынан сабыллыбыта.
    С. Зверев
  • Бэйи, Соппуруон, тохтоо, былыргыны былыт саппыта. “ХС”

«Б» буукуба