ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эргэ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы долго находившийся в употреблении, подержанный, старый

English old

Ис хоһооно · 16
I

1 даҕааһын #

Саҥата ааспыт, өр туттуллубут, туһаныллыбыт

Нууччалыы Долго находившийся в употреблении, подержанный, старый

  • Ол дьоһун тумулум Илиилээх тиитигэр Ыйанан туруохтаах Мин эргэ биһигим.
    С. Данилов
  • Эргэ сундуук түгэҕиттэн алаадьылыырга аналлаах курупчаакылаах мөһөөччүк дьиэҕэ киирдэ. Софр. Данилов. [Өкүүчэ] Тула чэҥнээх муннуктарга Эргэ ыскааптары туруортаата
    С. Васильев
  • “Тоҕо мин олохпор биирдэ буолар оскуоланы бүтэрэр баалбар эмиэ эдьиийим эргэтин кэтиэхтээхпиний?!” – Маша өссө тэптэн, улаханнык ытаан барда.
    А. Никифорова
Өссө холобурдар (1)
  • [Оттуур сэбин-сэбиргэлин] тэринэрэ, эрдэттэн эргэтин куруук сэлбинэ, абырахтана сылдьара
    ПАЕ ОСС

2 даҕааһын #

Саҥа көрүҥүн сүтэрбит, өр кэтиллибит (таҥас, атах таҥаһа)

Нууччалыы Потёртый, потрепанный, поношенный, старый (об одежде, обуви)

  • Кийиитим эргэ таҥастааххын диэн сирэр үһүө. Софр. Данилов. Бурхалей халтаҥ сонун кытта эргэ саппыкытын кыбынан, дэһээтинньик иннигэр киирэн иһэн Мариса диэки көрөн кэбиспитэ.
    Эрилик Эристиин
  • Өргөстөөх, төлөннөөх бэйэтэ, Өһөн, муоһа-кылаана тоһунна, Эргэ үтүлүктээх бэргэһэтэ Илиититтэн төлүтэ түстэ
    С. Васильев
  • Эргэ эстибит, саҥа сандаарбыт (өс хоһ.). Эмиэ эргэни киэр эһэр Истиҥ биир иэйиилээхпит.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Эргэни үлтү анньар Үйэ манан халыйар. Эллэй. Эстибит эргэттэн тутуһуоҥ, – Эмэхтии тостон сиҥниэҥ!
    С. Васильев

3 даҕааһын #

Тутуллан баран өр турбут, эргэрбит, хаарбах (тутуу)

Нууччалыы Ветхий, обветшалый, старый (строение)

  • Урууп дьиэтэ -- таас аттаһыктаах түннүктэрдээх, сиргэ-буорга киирбиккэ дылы эргэ ампаар дьиэ элээмэтэ.
    Күндэ
  • Ньирэйдэр тигээрдээн сырсаллар, Эргэ дьиэ күлүгэр мусталлар.
    С. Данилов
  • Эрбэммит кириэстээх Эргэ таҥара дьиэтэ көһүннэ
    С. Васильев
Өссө холобурдар (2)
  • Сара көтүүтэ – атырдьах ыйын эргэтэ. Хомус Уйбаан. Кулун тутар эргэтигэр Дьокуускайтан Бүлүүгэ С. М. Аржаков кэлбитэ.
    ХС
  • Кэлин, 1969 сыл эргэтигэр, бэйиэт Т. Сметанин төрөөбүтэ 50 сылын туолуута өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник бэлиэтэммитэ.
    КНЗ ТС

4 даҕааһын #

Билигин туттуллубат буолбут, туһата суох

Нууччалыы Вышедший из употребления, устаревший (напр., о деньгах)

  • Эргэ билиэт. Эргэ пааспар.
  • Арай ампаарга ыраахтааҕы саҕанааҕы, эргэ сэбиэскэй, хаалбыт харчы ханнык эрэ иһиккэ угуллан сылдьара. Хомус Уйбаан. Ыйынньыкка Степан Ефремов төрөөбүт күнэ эргэ истиилинэн бэриллэр
    ФЕВ ДьС

5 даҕааһын #

Туох эмэ иннинэ урут баар буола сылдьыбыт

Нууччалыы Бывший прежде чего-л. другого, прдыдущий, предшествующий, старый (напр., о квартире)

  • Эргэ кыбартыырабар бара сырыттым. Ыстатыйам эргэ барыйаанын буллум

6 даҕааһын #

Аныгы буолбатах, билиҥҥигэ сөп түбэспэт, урукку

Нууччалыы Старого образца, несовременный, устаревший, прежний (напр., о порядке)

  • Ол Дьобуруопа дьоно олус элбээн] Истэрэ сипсийэн, этэ сатыыллар эбит: “Эргэ бэрээдэги эһэн, Эҥин үчүгэйдэ Тэрийиэҕиҥ”, – диэн.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Эстэн эрэр эргэ үйэ Элбэх тойон мэҥнэрин -- Олохтоохтук, астыннара, Устурууктар кэпсээбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Михаил:] Эргэ олоҕу эргиттэрэн аҕалаары гынаҕыт дуу?
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Хаалынньаҥ, урукку (өй-санаа, майгы). Θ Отсталый, некультурный, несознательный. [Одуор:] Оттон кини бэйэтин эрэ билинэр, булбутун муннун анныгар баттыыр. Дьиҥнээх эргэ, эгоист киһи.
    Суорун Омоллоон
  • [Бэрэбиэччит – Константиновы:] Эн, бадаҕа, ити быһыыгынан буоллаҕына, бэрт эргэ майгылаах киһигин быһыылаах
    С. Ефремов

7 даҕааһын #

Өрдөөҕүттэн, уруккуттан баар, урукку

Нууччалыы Сохранившийся с давнего времени, давний, старинный (напр., усадьба)

  • Ол иһэн көрө түспүтэ – тумул анныгар эргэ өтөх баҕаналара хаарга батыллан тураллар эбит!
    Амма Аччыгыйа
  • Барыах биһиэхэ, мин хоспор, Баар онно биир эргэ хаартыска.
    П. Тобуруокап
  • Эргэ сэргэ тулатын Эргийтэлиир тыраахтар. Эллэй. Эргэ дьарҕата көппүт. “
    ХС

8 даҕааһын #

Былыргыттан ордон хаалбыт

Нууччалыы Старинный, древний (напр., о городе)

9 даҕааһын #

Кырдьыбыт, саастаах, кырдьаҕас (киһи)

Нууччалыы Старомодный, старый

  • Онто суох, Баһылай Макаарабыс, бу эргэ дьон, онон кинилэргэ кыһамматын даҕаны, эдэрдэр тустарынан тугу этэр эбит?
    А. Сыромятникова
  • Эргэ кириитиктэр сипсиһэллэр, Эмиэ да тохтоон сөпсөһөллөр
    С. Васильев

10 даҕааһын #

Эргийэр кэмигэр баранар, сүтэр (ыйы этэргэ)

Нууччалыы Убывающий (о луне, месяце на ущербе)

  • Эргэ ый

11 аат тыл #

Саҥа көрүҥүн сүтэрбит, эргэрбит эбэтэр туһатыттан тахсыбыт туох эмэ

Нууччалыы Старьё, ветошь. [Мааһа:] Саҥа таҥаһы биэриэ буолуо дуу, эргэни дуу?

12 аат тыл #

Урут баар буола сылдьыбыт туох эмэ

Нууччалыы Что-л. старое, существовавшее прежде

13 аат тыл #

ый, сыл, дьыл диэн курдук кэми бэлиэтиир тыллары кытта тардыы пуорматыгар ситимнэһэн, этиллэр кэм бүтүүтүн, бүтэр өттүн көрдөрөр

Нууччалыы Сочетаясь со словами ый “месяц”, сыл “год”, дьыл “год” обозначающими разные промежутки времени, указывает на конец, конечный период называемого времени

14 этии #

Нууччалыы Не береди его старые раны

Этиилэр

Атаҕынан эргэ барбыт көр атах

  • Бэйэтэ кыыс дьахтар, атаҕынан эргэ баран, кырдьаҕас киһиэхэ сэлээннэммитэ.
    А. Сыромятникова

Кур бэйэтэ кубулуйбат (эргэ бэйэтэ элэйбэт) көр кубулуй

  • Арай Сангаар шахтата, кур бэйэтэ кубулуйбат, эргэ бэйэтэ элэйбэт диэбиккэ дылы, тохсунньу былаанын тоҕон түмүктүүр. “Кыым”.

Чэр баас көр баас II

  • Сүрэҕим эргэ бааһыгар Тууһу таммалатта.
    Т. Сметанин
  • Баҕар, биир эмэ мэник тыллаах түбэһэн, эргэ бааһы хатыынан аала сылдьыа.
    ХС

Эргэ бааһын таарый (тарбаа) көр баас II

  • Биһиги курдук Аҕа дойду Улуу сэриитин устун ортотунан ааспыт аҕам саастаах дьоҥҥо ити барыта эргэ бааспытын тарбыыр. “Кыым”.

Эргэ бааһын тыытыма

кимиэхэ эмэ урут олоҕор туох эмэ үчүгэйэ суох буола сылдьыбытын санатыма, өйдөтүмэ Кырдьаҕас киһини эргэ бааһын тыытыма. НАГ ЯРФС II. Эргэ киһи элээмэтэ күл. -ооннь. – элбэҕи билбит-көрбүт кырдьаҕас, саастаах киһи.

соотв. тёртый калач.

  • Эргэ киһи элээмэтэ буоллаҕым буолан, сыарҕаттан оронон тахсан, -- ырааҕы-чугаһы ыраҥалыы турдум. “Кыым”

15 этии #

Нууччалыы Старый охотник

Этиилэр

Ый эргэтэ көр ый II

  • [Кууһума:] Ый эргэтэ буолан бэргээбит ээ.
    А. Софронов
  • олох хаалынньаҥа көр хаалынньаҥ. Эргэ олох хаалынньаҥнара хайдах да иҥэн сылдьар буоллуннар, өһүөннээн туран утары охсуһуохха!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Эргэ харамай түөлбэ., харыс т. – кырдьаҕас булчут Ср. ДТС ески, тув. эрги, хак. ирги ʽстарый, давний’
II

16 аат тыл #

Киһи хараҕын дьэҥкир бүрүөтүгэр ыарыыттан эбэтэр оһолтон үөскээбит үрүҥ чэр

Нууччалыы Беловатое пятно на глазу, возникающее вследствие помутнения роговицы глаза после различных заболеваний или увечий, бельмо. [Бохсурҕанньыт (кутурар):] Аҥаар хараҕа эргэлээх дьахтар бу ким үөрэ буолуой?

  • Эргэлээх харахтаах уол аанынан быкта.
    И. Гоголев
  • Эргэлээх харахтаах Ылдьаана -- киирэн кэллэ. “
    ХС

«Э» буукуба