Перевод с якутского
кубулуй
туохтуур
Нууччалыы превращаться во что-л. иное, переходить в другое состояние; измениться до неузнаваемости
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Уруккугуттан уларый, уларыйан хаал
Нууччалыы Превращаться во что-л. иное, переходить в другое состояние; измениться до неузнаваемости
Кыыһа улаханнык кубулуйбут: сирэйэ-хараҕа курустуйбут. Н. Павлов Хотугу киэҥ нэлэмэн истиэптэр уйаара-кэйээрэ биллибэт туундараларга кубулуйбуттара. БИГ ӨҮөС. Иккиһин көрбүтүм, били тааһым дьүһүнэ халлаан күөхтүҥү-дьэҥкир буола кубулуйа охсубут. ДФС КК. Уол оҕо, буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, уолан бэрдигэр кубулуйар. СС
2 туохтуур #
Хомуһун күүһүнэн дьүһүн уларыйан атын буолан хаал (хол., олоҥхоҕо, остуоруйаҕа)
Нууччалыы С помощью волшебства принимать другой облик, оборачиваться кем-чем-л. (напр., в олонхо, сказках). [Киис Бэргэн:] Умуннахпына сыгынньах истээх Чаччыгыныар оҕотугар кубулуйуум
Олоҥхоҕо айыы бухатыырдара ыраах айанныылларыгар үксүгэр хотойго, мохсоҕолго кубулуйаллар. КНЗ СПДьНь. Мэҥүн бил балыкка кубулуйан чуо мээчиги туһаайбытынан байҕалга устубута. Эвен фольк
3 туохтуур #
түөлбэ. Иир, өйгүттэн таҕыс
Нууччалыы Сходить с ума, терять рассудок
Нохоо, кубулуйаары гынныҥ дуу? Ср. тюрк. кудул; п. -монг. хубила 'превратиться, переменяться'
4 этии #
Нууччалыы Оставаться самим собой, совсем не меняться
Этиилэр
Дьүһүн кубулуй көр дьүһүн
Киһи төрөөн баран өлүөр диэри үстэ дьүһүн кубулуйар: оҕо буолан ааһар, улаатар, кырдьар.
Суорун ОмоллоонОстуоруйалар уонна олоҥхолор геройдара дьүһүн кубулуйаллар: кинилэр хотой кыыл эбэтэр уордаах мохсоҕол буолан, баһаам ыраах сиргэ көтөн тиийэ охсоллор. ССЛИО. Өстөөх онон-манан киирэ-тахса сатыыра, дьүһүн кубулуйара улаатан турар кэмэ. Н. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
Кур бэйэтэ кубулуйбат (эргэ бэйэтэ элэйбэт) - төрүт уларыйбат, уруккутун курдук хаалар Төрүөҕүттэн кур бэйэтэ кубулуйбат баар үһү. (тааб.: харыйа, бэс). Киргиэлэй өйө-санаата уһуктубут, сайдыбыт буоллаҕа диэн мин испэр хайгыы санаабытым. Онтум киһим кур бэйэтэ кубулуйбат, эргэ бэйэтэ элэйбэт диэбиккэ дылы, тохсунньу былаанын тоҕон түмүктүүр. "Кыым"
5 этии #
Нууччалыы Стать традицией
Этиилэр
Кубулуйбат эпиитэт көр эпиитэт
Үөрэнээччилэр -- кубулуйбат эпиитэттэри булан, тэтэрээттэригэр усталлар. СО ТТЛ. Поэт тылыгар-өһүгэр гиперболаны, араас дэгэттээх тэҥнээһиннэри, кубулуйбат эпиитэттэри -- көрсүөххэ сөп. ОГГ СМ. Үгэскэ кубулуй - үгэс буолан хаал Туох барыта кэлин уһугар тиийэн син биир үгэскэ кубулуйар.
Н. ЛугиновАспырааннар салайааччылара, бэрэппиэссэрдэр, дуоктардар иитэр-үөрэтэр үлэлэрин туһунан отчуоттара үгэскэ кубулуйбута. Г. Угаров
Өссө холобурдар (1)
Уруулуу омуктар драматургияларыттан ылан, дьаныһан туран, ирдэһэн туруоруу Ньурба тыйаатырыгар үгэскэ кубулуйда. "Кыым"