Перевод с якутского
кубулун
туохтуур
Нууччалыы притворяться, прикидываться кем-чем-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Бэйэҕиттэн атын буолбута буол, атыннык көстө сатаа
Нууччалыы Притворяться, прикидываться кем-чем-л
Оҕолору кытта үлэҕэ кубулуммакка, сымыйанан үчүгэй да, куһаҕан да буола сатаабакка сылдьыахха наада! Софр. Данилов. Харачаев бэйэтэ кыһыл буолбатах курдук, кубулунан ыйытта. Эрилик Эристиин Доҕоор, эн иһит эрэ! Миэхэ эн акаары буолан кубулунума, кырдьыгынан быһааран эт Чолбон Араастаан мунньаҥнаа, хаппырыыстаа. Θ Капризничать, привередничать. Туруохча турбата, Таҥныахча таҥныбата -- Куба бууга бэриинэтигэр Кубулуна сытан Балыс оҕотун Бардьыгынаан ылла.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
"Атыны таптыыбын... Ону эн өйдүүргэр уолдьаста. Аны эн миигин булума," - диэбитэ Ачаа кыыс, мунньаҥныы, кубулуна С. Данилов
2 туохтуур #
Ап-хомуһун күүһүнэн тас көрүҥҥүн, дьүһүҥҥүн-бодоҕун уларыт
Нууччалыы Менять внешний вид, облик с помощью волшебства, колдовства, оборачиваться кем-чем-л
Эмиэ тоҕо кубулуннуҥ? Туох эйигин куттаата? Илэ бэйэҕинэн, чахчы дьүһүҥҥүнэн көһүн, киһилии кэпсиэ, сахалыы саҥар. Ньургун Боотур. [Кыыс] эригэр, Куһаҕаллайга, таптаппакка, туой араас кыыл, үҥүү-батас, от-мас буолан кубулунан сылдьар. Саха фольк Баҕаны абааһы кубулунан сылдьар диэн куттанан, сүрэх ыарыы буолбут Өксүүнньэ ¬- бу урукку баттыгастаах хараҥа олох сиэртибэтэ. Софр Данилов
3 туохтуур #
Албыннаан, киитэрэйдээн сымыйа, атын өйдөбүлү биэр
Нууччалыы Обманом, хитростью создать ложное представление о себе, выдать себя за другого, ввести в заблуждение о себе
Бүөтүр урут кубулуна сылдьыбыт эбит, -- көрбөккүт дуо, уолуҥ уу үрдүгэр хайдахха дылы кыһалҕата суох таалалыырый. И. Данилов Одиссей Итакаҕа умнаһыт буолан кубулунан кэлбитигэр ким да сүөргүлээбэтэҕэ: Грецияҕа дьадаҥылар элбэх этилэр. КФП БАаДИ. Ньукуу уус тылынан устар ууну сомоҕолоон, буруйун билинэн кэмсиммитэ буолан кубулунар, мух-мах туттар ХС
4 этии #
Этиилэр
Дьүһүн кубулун (уларый) көр дьүһүн
Аны биирдэ дьүһүн кубулунан, Быста-быста салҕанан, Тимирэ-тимирэ күөрэйэн, өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКыталык кыылым, Дьүһүн кубулунан, Кыыс оҕо барахсан Үтүө көрүҥнээҕэ буолбута. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Билигин өстөөх кирийбит, дьүһүн кубулунар, ньылбыйа сылдьар кэмэ. Г. Нынныров