ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйуһуй

туохтуур

Нууччалыы выходить из повиновения, прийти в крайнее возбуждение

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

ан эмэ (хол., наһаа кыыллааһынтан) тэһииргээ, биир сиргэ тохтообот буол, туттарбакка куота сатаа (сылгы, таба туһунан)

Нууччалыы Выходить из повиновения, прийти в крайнее возбуждение (напр., из-за бичевания или погони – обычно о лошадях, оленях)

  • Хабырылла Уҥмат тыыннаах, хаҥыл ата Уйуһуйа быыппастара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уйуһуйбут ат уоскуйбата, чочумча эккирээмэхтии, тула холоруктуу турда.
    В. Миронов
  • Төрүүрэ чугаһаатаҕына, биэ уйуһуйар, аһаабат-сиэбэт буолар. БМС СИиТ. Ыт кыыллаатаҕына, уйуһуйбут табалар маска-окко түһэллэр.
    ВВ

2 туохтуур #

Олус күүр, тыҥаа, ороһуй

Нууччалыы Сильно напрягаться, волноваться

  • “Хайа, тугуй?” – диэбитинэн утары турда Кожевников, Сахаайа уйуһуйбут дьүһүнүн көрөөт. Софр. Данилов. Уонна [Сахаар] дьиксинэрэ даҕаны, уйуһуйбут кыыс оҕо араас буолан хаалыан сөп.
    В. Яковлев
  • Кэтириис кыраҕа кыһаллыбат бэйэтэ, бу сырыыга дьэ уйуһуйда. “
    ХС

3 туохтуур #

Тугу эмэ күүскэ баҕаран, өрө көтөҕүллэн, кыдьыгыран туран оҥор

Нууччалыы Делать что-л. с большим желанием, вдохновением

  • Быйыл уолаттар ураты уйуһуйан, хатарҕаан, күн ахсын ырыахтааҕар аһара эбиллэн, тэптэн иһэллэрэ убайдарын дьулатта.
    ХС
  • Кини уйуһуйан туран айылҕаҕа сылдьан ыллыыра-туойара, кутурара. “
    ЭК

4 туохтуур #

Өйгүттэн тахсан хаалбыт курдук турукка киир, ииримтий

Нууччалыы Быть в состоянии безумства, быть похожим на потерявшего рассудок

  • Сорохторбут уйуһуйан хаалан, киһитэ суох саҕынньахтары ыстыыгынан кэйиэлии сылдьыбыттара
    ГСС

«У» буукуба