ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэдэрээт

аат тыл

Нууччалыы подряд

1 аат тыл #

Биригээдэ, звено треһи, управлениены кытта ханнык эмэ үлэни (хол., тутууну) толорорго түһэрсибит кэлэктиибинэй дуогабара

Нууччалыы Подряд (договор, напр., бригадный)

  • Кини “Якутзолото” холбоһукка бастакынан биригээдэнэн бэдэрээт ньыматын олохтообута.
    ХС
  • Ахсыс дьиэ акылаатын тутууга В. Тишин биригээдэтэ үлэ тэрээһинин уларытарга быһаарыммыта. Бэдэрээтинэн үлэлииргэ учаастак салалтатыгар этии киллэрбиттэрэ. “Кыым”. Тутууну икки ньыманан ыытабыт: хаһаайыстыбаннай ньыманан уонна бэдэрээтинэн. “Ленин с. ”

2 аат тыл #

От оттуурга, таһаҕас таһыытыгар дьадаҥы баайы кытта кэпсэтиитэ (үгэс курдук хабалаҕа киирэр усулуобуйаҕа)

Нууччалыы Договор-подряд (обычно устный) бедняков на заготовке сена, леса, перевозке груза хозяевам, баям (как правило, в исключительно кабальных условиях)

  • Ыраахтааҕы саҕана бэдэрээт эгэлгэтигэр, бырыһыан ынырыгар миккиллэн-миккиллэн баран, хамначчытынан киирэрбит.
    Суорун Омоллоон
  • Кини хас сайын аайы Алдаҥҥа, бэдэрээккэ диэн ааттаан, алааһынан, үрэҕинэн көһө сылдьан, биирдии тыһыынча бугулу туруоран биэрэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сорохторо баайдарга хамначчытынан сылдьара, сорохторо күнүнэн-ыйынан бэдэрээккэ үлэлииллэрэ
    С. Васильев

3 этии #

Нууччалыы Наняться в подряд

Этиилэр

Бэдэрээккэ (бэдэрээт) кэпсэт көр бэдэрээккэ киир

Тыһыынча биэс сүүс кэриҥэ ахсааннаах мас кэрдээччи сахалары тойотторо, мас бэлэмнииргэ бэдэрээт кэпсэппэтэх буоланнар, үүртэлээн кэбиһэллэр. Н. Якутскай. Сорохтор сир куортамныыллар, сорохтор эһиилги сүөһү айаҕар кэпсэтэллэр, сорохтор от охсорго, _ _ сорохтор арыы бэдэрээтигэр кэпсэтэллэр. МНН. Бэдэрээт тарт - бэдэрээттэһэн таһаҕаһы тас.

Брать подряд по перевозке грузов.

  • Аҕыйах табалаахпын, онон кыһыны атыыһыттарга бэдэрээт тардан айахпын ииттинэр этим.
    А. Софронов

Бэдэрээккэ ыл көр бэдэрээккэ киир

  • Чэ, ылыҥ, этиҥ эрэ, баай дьон суох буоллахтарына, кимтэн бэдэрээккэ ылыахпытый, кимиэхэ сүүрэн-көтөн биэрэн кырбаһы-тооромоһу бэриһиннэриэхпитий? Эрилик Эристиин

«Б» буукуба