Перевод с якутского
мааны
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы любимый
English beloved
Ис хоһооно · 15
1 даҕааһын #
Нууччалыы любимый
English beloved
мааны кыыһа любимая дочьone's beloved daughter
2 даҕааһын #
Нууччалыы изящный
English elegant
мааны таҥастаах кыыс нарядная девушкаa well-dressed girl
3 даҕааһын #
Нууччалыы почётный; почтенный
English honorable, venerable
мааны кырдьаҕастар почтенные старцыvenerable elders
4 аат тыл #
Нууччалыы честь; уважение
English honor, respect
5 аат тыл #
Нууччалыы довольство
English contentment
мааныга үөскээбит он вырос в достаткеhe grew up in contentment
6 даҕааһын #
Үчүгэй таҥаһы таҥныбыт, киэргэммит
Нууччалыы Нарядный, приодетый
Мааны баҕайы дьахтардаах эр киһи кэлэн аттарыттан түһэн эрэллэр эбит. Н. Неустроев Мааны кыргыттар мунньуһуннулар. Амма Аччыгыйа Уокка чугаһаан кэлбитим куһаах курдаах, уһун хара билиис сонноох, кылбачыгас саппыкылаах бэрт мааны баҕайы эдэр дьон -- кууллаах бурдугу кытта астаһа тураллар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Эмискэ кирилиэс устун олус мааны дьахтар тахсан кэллэ Н. Габышев [Ньукулай:] Билигин бар дьоҥҥо мааным баранан барбах аатырдым А. Софронов
7 даҕааһын #
Дьоҥҥо-сэргэҕэ кэтиллэр, күндү (таҥас-сап туһунан)
Нууччалыы Нарядный, выходной, праздничный (об одежде)
Хотуннаах-тойон баар суох мааны таҥастарын таҥыннылар. Амма Аччыгыйа Сарсыарда Маша бэргэһэлэнэ бараары мааны таҥастарын таҥнар. М. Доҕордуурап Холкуостаахтар дьааһык түгэҕэр кичимэлэнэн уурбут мааны таҥастара бүгүн дьэ хостоммут ХС
Өссө холобурдар (2)
Мааныгар улахан махтал-баһыыба, Бастыҥ көрдөһүүбүн быраҕыма!... А. Софронов Оҕонньор, эмээхсин ыалдьыттыы ыҥыран, Сахалыы мааныны билбиппит, Сүөгэйдээх чэйинэн утаҕы ханнаран, Биһиги куоракка киирбиппит. Эллэй. Ыалдьыт кэлэр күнүгэр - Долгутуулаах далбары Сатаан булан тэрийиэхпит: Нуучча тууһа - килиэбэ, Саха аһа - хатыыс, хаһа; Мааны, күндү баһаама Күннүк Уурастыырап
8 даҕааһын #
Киһи сөҕүөн курдук үчүгэй, кэрэ көстүүлээх (үксүгэр айылҕаҕа сыһыаран этэргэ)
Нууччалыы Пышный, богатый, ласкающий взгляд (о природе)
Кэбиис, маннык бэйэлээх мааны хатыҥы томторук туоһун аайы хастаммат куолута. М. Доҕордуурап Амма -- баһаам элбэх хочолордоох, ходуһалардаах туох да мааны сир. Багдарыын Сүлбэ. Хайа эмпэтин аннынан туундара мааны кыыһа Индигир өрүс эриллэ-бурулла, тиэтэйэ-саарайа тус хоту устар Н. Павлов Улуус маанылара барылара түһүлгэҕэ ыадалдьыһан кэллилэр. И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Алаас баһылыга Кымаах Байбал, муҥхалаах тойон, нэһилиэк мааныларыттан бастатан, сөбүлүүр дьоннорун иккилии-үстүү хоппо дэгэйиитинэн, харгыаттаан, бэйэтин көрүүтүнэн балыгы түҥэтэн киирэн барбыт. А. Бэрияк Расторгуевтарга өтөр-өтөр биэчэрдэр, күүлэйдээһиннэр буолаллара. Онно куорат маанылара мустан көрүлүүллэрэ ХС
9 даҕааһын #
Бары өттүнэн киһи хайгыы, үөрэ, астына көрөр (ким, туох эмэ туһунан этэргэ)
Нууччалыы Лучший, превосходный
Дьэрэмииһэп, нууччалыы кэпсэтэр буолан, хамандыырга мааны киһи буолбута. Болот Боотур Кулууп дириэктэрэ кыыс киһитинэн туох да мааны. Э. Соколов Дьэ, ыадайан түһэн күлүүс диэтэҕиҥ! Кырдьык да, мааны күлүүс! ХС
10 даҕааһын #
Атыттартан ордук көрүллэр, ордук тапталлаах, күндү (оҕо туһунан)
Нууччалыы Пользующийся чьей-л. любовью, покровительством, баловень, любимчик
Омоҕой Баай мааны кыыһа аҕаһыгар күнүүлээн, Эллэй Боотуру ойох ылбата диэн тахсан сүтэн хаалбыт. Саха фольк Былыргы баай ыал мааны оҕолоро буолан, Кууһума баттаҕын хаһан да кырыйбатахтара. Күннүк Уурастыырап Мин ийэлээх аҕам мааны ылгын уоллара этим И. Гоголев
11 даҕааһын #
Бары өттүнэн тупсаҕай, үчүгэй оҥоһуулаах
Нууччалыы Добротный
Остуол таһыгар хас да мааны олох мастар, истиэнэҕэ араамалаах ыраахтааҕы мэтириэтэ -- хоско тахсар аанынан аһыыр сабыылаах остуол көстөр. А. Софронов Дьуона кинээс мааны дьиэтин иннинээҕи туруорбах балаҕаҥҥа мустубут дьон, олоруохтааҕар, ону-маны кэпсэтэн ыаһахтаһаллар. Н. Якутскай Инникитэ - туруорбах балаҕан, онтон салгыыта мааны ампаар дьиэ ХС
12 аат тыл #
Киһиэхэ убаастабыл; үтүө сыһыан
Нууччалыы Честь, уважение, почёт; почтение. [Баай Байбал:] Манна диэн эттэххэ, бар дьоммор баттыгаһа суохпунан таптатан, ыар ытыкка, үрдүк мааныга сырыттаҕым дии
13 аат тыл #
Остуол тардан күндүлээһин, ыалдьыттатыы
Нууччалыы Приём, угощение. [Чоочо тойоҥҥо:] Чэ, тойоон, бырастыы!
14 даҕааһын #
Дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, баайдаах-дуоллаах, чыыннаах-хааннаах киһи (хол., нэһилиэккэ, улууска о. д. а.)
Нууччалыы Знатный, почтенный, почётный (среди своих земляков) гражданин
15 этии #
Мааны баккы (ыраас ыстаан) - дьахтары кытта кыайан сылдьыһар кыаҕа суох киһи Ср. бур. маани ‘хоругвь (церк.)’, кирг., казах. манап ‘привилегированное сословие феодально-родовой верхушки’
Нууччалыы Человек, страдающий импотенцией, неспособный к половому акту