ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маанылаа

туохтуур

Нууччалыы воздавать особые почести, оказывать почёт, чествовать

1 туохтуур #

Кими эмэ ытыктаан, бочуоттаан өрө тут

Нууччалыы Воздавать особые почести, оказывать почёт, чествовать

  • Улуу Кудаҥсаны олус маанылаатылар, кини киһи албан аатынан аламай маҥан күнү сабардыырга холуйдулар.
    П. Ойуунускай
  • Ийэ дойдум мин тиийбиппэр, Ахтылҕаммын таайбыттыы, Алыс маанылаан көрүстэ.
    С. Данилов
  • Таҥараҕа бэлэхтэниэм сүүрбэ хонук инниттэн ордук тууһугуран миигин маанылаабыттара, түөрт кэрэчээн кыыһы ойох биэрбиттэрэ
    И. Гоголев

2 туохтуур #

Остуол тардан күндүлээ, аһат-сиэт

Нууччалыы Ставить богатое угощение, потчевать кого-л. чем-л

  • Бөҕүөрбүт айанньыты Истиҥ тыл, чэй сылааһынан, Тоҥ чыыр, сылгы хаһатын Чулуутунан маанылаатаҕына, Билиэҥ саха кыһынын, Ыалдьытымсах майгытын.
    И. Гоголев
  • Киэһэ дьиэлээхтэр остуол тардан, хоноһолорун мааныылыыллар
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Ордук таптаан, атыттартан чорбоччу тутан иит (оҕо туһунан)

Нууччалыы Баловать, носить на руках, нежить (ребёнка). [Өлөксөөндөрө:] Туоманы оҕоттон эрэ ордук маанылаан, таптаан ииппит оҕобут этэ

  • Хаарыан бэйэлээх оҕолоруттан мэлийбит ийэлээх аҕа соҕотох хаалбыт оҕолоругар ыллараллар, маанылыыллар, ас талбытын таһан аһаталлар.
    И. Федосеев
  • Аҕалаах ийэтэ уолларын олус маанылаан, аһатан-таҥыннаран, туох күүстэрэ кыайарынан үчүгэйдик ииппиттэрэ
    МНН

«М» буукуба