Перевод с якутского
чиэстээ
туохтуур
Нууччалыы воздавать почести кому-чему-л., чествовать, поздравлять кого-л
1 туохтуур #
Кимиэхэ, туохха эмэ ытыктабыллаахтык сыһыаннас, кими, тугу эмэ үрдүктүк тут, бочуоттаа
Нууччалыы Воздавать почести кому-чему-л., чествовать, поздравлять кого-л
Ол иһин эйигин сэриигэ Бу чиэстээн атааран эрэбит. Эллэй. Нохоо! Ити аата кинээскин, тойоҥҥун чиэстээбэт, ытыктаабат буоллаҕыҥ. Бэс Дьарааһын. Сахалар бэрт былыргыттан күҥҥэ сүгүрүйэллэрэ, күнү таптыыллара, чиэстииллэрэ КНЗ СПДьНь
2 туохтуур #
Кими эмэ болҕомтолоохтук, кыһамньыгын ууран көрүс, анаан уруйдаа
Нууччалыы Оказывая честь кому-л., встретить, приветствовать кого-л. почтительно, с уважением. [Тойон Макаарай] Кэнниттэн атыыһыт Сахаарай Киирэрин Лиэп тойон чиэстээтэ
Софронов табаарыс Ярославскайы кытта сэргэ туран, бар дьоҥҥо чиэстээбиттэригэр хаста эмэтэ баһыыбалаан тоҥхоҥноото. Н. Габышев Ыраахтааҕы кинини икки төгүл көрсөн баран, биир да тылынан кинини чиэстээбэт. Л. Толстой (тылб.)