Перевод с якутского
атыылаа
туохтуур
Нууччалыы продавать
English (economics) to sell
1 туохтуур #
Кимиэхэ эмэт төлөбүр (хол.,харчы) иһин тугу эмэ биэр
Нууччалыы Продавать (о торговой сделке)
Гражданка, бу хаһыаты эн миэхэ атыылаабаккын ээ. Амма Аччыгыйа Кирпииччэ чэйи уһун кыһыны мэлдьи иһэрбит, ынах баһыгар бууттуу арыыны хаһаанан атыылыырбыт. А. Софронов Бырааһынньык кэлэрэ чугаһаата, хаһан үчүгэй табаары, арыгыны таһааран атыылыыгыный Н. Якутскай
2 туохтуур #
Бэйэҕэ туһа таһаарынар туһуттан таҥнаран биэр
Нууччалыы Изменять кому-л. из корыстных побуждений, предавать кого-л
Суох, мин табаарыстарбын, идиэйэбин атыылаабаппын, таҥнарааччы буолбатахпын. С. Ефремов Норуоппун атыылыам кэриэтин - Үөрбэҕэ түһүөҕүм! А. Абаҕыыныскай Оһуордаах түнэ соҥҥо Аҕатын атыылаабыт, Убайдарын атыылаабыт, Аҕатын ууһун барытын атыылаабыт! Бу халыҥ айыыгар-буруйгар кыран! И. Гоголев
3 этии #
Этиилэр
Тыынын атыылыыр көр тыын
Ийэ барахсан оҕо иннигэр бу курдук тыынын атыылыыр. Эрилик Эристиин Ол да иһин бар дьон Сэбиэскэй былааһы хайгыыр, кини иннигэр тыынын-күнүн атыылыыр, кэдэрги санаалаахтары көрүөн кэлэйэр буолла. Эрилик Эристиин