ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атыы

аат тыл, аат

Нууччалыы торговля

English trade, commerce

Ис хоһооно · 4
I

1 аат #

ат I диэнтэн хай. аата. [Өлүөскэ уол] таһырдьа тахсан аттарын көрөн баран, айаҕын атыы бөҕөнү атан, хараҕын көрүү бөҕөнү көрөн, киирэн кэлэн ыһыытыыр-хаһыытыыр. Саха фольк

II

2 аат тыл #

Туох эмэ табаары, аһыыр аһы харчытыгар биэрии, эргинии

Нууччалыы Продажа товаров, продуктов по стоимости

  • Анна Андреевна наар эт атыытыгар мөхсөн таҕыста. Софр. Данилов. Бырааһынньык иннинэ кэпэрэтиип лааппытыгар бэрт үгүс таҥас, ас, испиир, чэй, табах атыыга тахсар.
    Н. Якутскай
  • [Сэлиэдэбэтэл] маҕаһыыннарга атыыга барбатах табаардар уонна ыскылаакка баар таҥастар этикеткаларын хомуйан, судебнай-техническэй экспертизаҕа ыыталаан турар
    М. Попов

3 аат тыл #

Туох эмэ сыаната (үксүгэр харчынан)

Нууччалыы Цена, стоимость чего-л. (преимущественно в деньгах)

  • Төһө да астаммыт аһы, атыыһыттан атыытыгар дуу, иэс дуу ылбыттарын иһин, өр ыыппаттар.
    А. Софронов
  • Оҕонньор хаһыат атыытын биэрээри, дьахтар ылымаары, мөккүспэхтээтилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Сиир килиэбин атыытын төлөөн булчуттарга хаалбыт килиэп куоркатыгар сүүрбэ харчыны батары баттаан кэбиспитэ
    Суорун Омоллоон

4 аат тыл #

Киһи туттар, эргинэр табаара

Нууччалыы Товар для продажи

  • Аан дойду арҕаһыгар, Туһахтаах кус курдук Толугуруу бааллан, Тойон аҕам эрэ туһугар Атыы буоларга анаммыт Уһун сордоох мин буоллаҕым
    С. Зверев
  • көр сулуу. [Быттааны Сүөдэр] бэргэһэлээбит аҕабыыкка оччотооҕу сокуон быһыытынан кыайан төлөөбөккө уонна атыытын биэрбэккэ, ойоҕун күрэтэн ылбыт. МНН. Кэргэн ылыллыбыт дьахтар атыыта халыым диэн ааттанара. НМВ ССРСИ. Кыыһа эргэ барбытыгар, кыыһын атыытын биир аты халыым ылбыт.
    Күндэ
  • Тюрк. садыг, сатыг

«А» буукуба