Перевод с якутского
атыыһыт
аат тыл
Нууччалыы продавец
1 аат тыл #
Маҕаһыыҥҥа, эргиэн тэрилтэтигэр малы-салы, табаары дьоҥҥо атыылыыр киһи
Нууччалыы Продавец
Атыыһыт маҕаһыынын аста. Урут кыһыл этэрээтигэр сылдьыбыт дьонтон манна икки эрэ киһи баар: Уйбаан учуутал уонна лааппы атыыһыта Жирков Н. Якутскай
2 аат тыл #
Тугу эмэ атыылыыр, эргитэр-урбатар идэлээх киһи
Нууччалыы Тот, кто занимается продажей, перепродажей чего-л
Ээ, ол киһи атыыһыт - ону-маны эргинэр
3 аат тыл #
Эргиэн чааһынай тэрилтэтин бас билээччи
Нууччалыы Купец; торговец
Бу сэрии улахан баайдарга, атыыһыттарга, капиталистарга, помещиктарга туһалаах. М. Доҕордуурап Лена өрүһүнэн атыыһыттар табаардарын тиэйбит ааллар, болуоттар субуһаллар. Амма Аччыгыйа “Атыыһыт” - хоту дойду булдунан олорор дьоно истэригэр, ураты суолталаах тыл Болот Боотур