Перевод с якутского
өл
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы умирать, скончаться
English to die
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Олох олорон бүт, быһын
Нууччалыы Умирать, скончаться
Мин өлүөм - дьүһүнүм сүтүөҕэ, Мин буорум отунан үүнүөҕэ.
П. ОйуунускайОйуулуом этэ эһиэхэ Оччотооҕу мин ыалларбын Суохтарынан туһанаммын: Сут дьыл балыктыы Кэбээйигэ Сорохторо көспүттэрэ, Сорохторо өлбүттэрэ Дьуон Дьаҥылы
2 туохтуур #
Охтон хаалан быһын, өрүттүбэт гына оҕун (сүөһүнү этэргэ)
Нууччалыы Околевать, издыхать (о скотине)
Итиччэ өрүттүбүт сүөһү өлүмээрэй дии саныыбын. Амма Аччыгыйа Ол курдук икки аттара сотууҥҥа өлөн хаалбыттара Эрилик Эристиин
3 туохтуур #
Кууран-хатан дьүһүҥҥүн сүтэр, кубарый (охсуллубут от туһунан)
Нууччалыы Поблекнуть, увянуть (о растениях, напр., о скошенной траве)
Күһүн от-мас хагдарыйар. Кыһын от-мас өлөр. Бу аан дойдуга туох барыта үөскүү-үөскүү өлөр, өлө-өлө үөскүү турар.
П. ОйуунускайОппут өлө илик, тыбыс-тыыннаах сытар. Хайыыбыт? ХС
4 туохтуур #
Халлаан атын эттигинэн хаххаланан, күлүктэнэн көстүбэт буол (ый, күн туһунан)
Нууччалыы Затмеваться, быть в затмении (о солнце или луне)
Былыргылар ыраахтааҕы сараатаҕына, күн өлөр диир буолаллара. А. Софронов Биир ыйдаҥа киэһэ ый өллө Амма Аччыгыйа
5 этии #
Нууччалыы Живая вода
Этиилэр
Өлөр атаһым көр өлөр доҕорум
Арай Көмөр Татаар өлөр атаһа, байан сүөһүтүн ахсаанын, харчытын сууматын билбэт буолбут Ньаамахтай Уйбаан туора туттара. Н. Босиков. Өлөр да соло (иллэҥ) суох - олус элбэх үлэлээхпин, онон тугу да гынар кыаҕым суох.
Чрезвычайно занят, занят по горло; совершенно недосуг; хлопот полон рот, некогда умереть.
Билигин аҕай адьас өлөр да иллэҥэ суох күннээҕи үлэ түбүгэр сылдьыбыт бары дьыалалара, доҕор иэдээнигэр тэҥнээтэххэ, адьас буоссата суох курдук бытарыйан көһүннүлэр.
Н. ЛугиновӨлөр доҕорум - саамай истиҥ, чугас доҕор. Закадычный приятель, лучший друг. - Ханналаатыҥ, Вася? - Ээ, Амматтан биир өлөр доҕорум көтөн иһэр, ону көрсө киирээри. С. Руфов
Өссө холобурдар (13)
Өлөр мөхсүү - тыын тахсыыта, быстыыта. Предсмертная агония. Дьиэ-буо! Өстөөх өлөр мөхсүүтүгэр өс номоҕо буолтун курдук Көстүбэт уолунуу Күөх сөлөгөйүнэн Күскүйдэ, Абааһы уолунуу Араҕас салыҥынан тыбыырда. Саха фольк Өлөр охтуутун оҕутта - өрүттүбэт гына ыарыйда, өлөр ыарыытынан ыарыйда. Его сразила смертельная болезнь. Ол олорон саас ийэлэрэ, сэбиргэх анньарга ыалдьан, өлөр охтуутун охтубута. Эрилик Эристиин Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым өлөр охтуутун охтубута.
Суорун ОмоллоонӨлөр өлүөхүмэ эргэр. - аһара кырдьаҕас, ыарыһах, өлөр турукка чугаһаабыт киһи. Дряхлый больной человек, находящийся при смерти. Күрдүргүү-хардыргыы, Кыыкыныы-хаахыныы Сыттаҕым ээ, Өҥкөөппүн өҥөйбүт Өлөр өлүөхүмэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйӨлөр өстөөх (өстөөхтөр) - улаханнык, эйэлэспэттии (бэйэ бэйэни өлөрсүөх курдук) өстөөх (өстөөхтөр). Смертельный, заклятый враг. Ньукууһа этэр буоллаҕына, Луханы талымаҥ! Ньукууһа - эсер, оттон эсердэр кыһылларга өлөр өстөөхтөр. Амма Аччыгыйа Кэлэйбит сирэ - кэлэктиип, Өлөр өстөөҕө - үлэ, Кэнийэр киһитэ - кэргэнэ, Ыстыыр ыаһа - ыаллара, Баар суох баҕата - барыс, Туохтан да ордороро - дуоһунас. Күннүк Уурастыырап Кинилэр Соппуруон баай өлөр өстөөхтөрө. Н. Якутскай Өлөр саҥатын саҥарда (саҥата иһилиннэ, таҕыста) - ыарыыланан, куттанан, өлөн эрэр киһи курдук куһаҕаннык саҥарда, хаһыырда, часкыйда. Он закричал благим матом он закричал смертным криком (букв. завопил предсмертным воплем). Кини күтүр [демон] угураабыта сүлүмэ буолан сүрэҕэр түстэ да, кыыс соҕотохто эрэ өлөр саҥата иһиллэн хаалла.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКыыс өлөр саҥатынан өрө татынньахтыы түстэ, өлөр бэрт буолла.
П. ОйуунускайӨлөр үйэтигэр - кырдьан өлөр кэмигэр. На закате жизни. [Татыйаана:] Бу оҕонньор кырдьар сааһыгар, өлөр үйэтигэр баайдары кытта илин былдьаһара хаалбыт дии.
КүндэӨлөрү утуйарга холоо - өлөртөн да куттаммат буол. Сражаться, бороться не на жизнь, а на смерть, биться, не жалея жизни (букв. смерть почитать за сон). Өлөргүн утуйарга холообут киһигин дуо? Тохтоо, болҕой! Ньургун Боотур. Кини [Айыы бухатыыра] ханнык баҕарар өстөөхтөн чаҕыйбакка харса суох охсуһууга киирэр. Өлөрүн утуйарга холоон туран абааһы уолун ир суолун ирдиир. Эрчимэн. Кыргыһыыга буспут-хаппыт, өлөллөрүн утуйарга холуур сэрииһит дьону дьулатар уустук этэ. Далан Өлө сытар киһиттэн туһа (утурук) эрэйбиккэ дылы – туһалыа суоҕун көрөн туран туһа эрэйэр. Просит, зная, что пользы не будет. Тотон өлөн - таах сылдьартан эбэтэр аһара туолан. С жиру беситься. "Тотон өлөн" диэбиппин итэҕэйбэтиҥ быһыылаах. Софр. Данилов. Уутугар өлбүт (уубар өллүм) - олус утуктаабыт (хас да түүн аанньа утуйбакка). Его (меня) одолел сон, я (он) смертельно хочу (хочет) спать. Оҕо сылайбыта бэрт буолан, уутугар өлөн илииттэн илиигэ ылылларын, ороҥҥо сытыарбыттарын билэн да көрбөт. Н. Якутскай Ааспыт олохпун толкуйдуубун... Уубар өлөммүн утуктуубун. Дьуон Дьаҥылы
6 этии #
Нууччалыы Сильно скучать по кому-чему-л., тосковать
Ахтан өл - туохтан (кимтэн) эмэ ыраах сылдьан, суохтаан, чуҥкуй, тэһийбэт-тулуйбат буол Мин бу билигин хоту дойдубун ахтан өлөн иһэбин. Н. Габышев Аччык өл - олус аччыктаа, аһары аччыктаа. Θ Оголодать. [Күлүк:] Тоҥноххо, аччык өллөххө баай наадалаах курдук буолар да, ол улахан буолбатах. А. Софронов Көҕөрчү (көҕөрө) өл - аһара куттанан, уолуйан, атаххар нэһиилэ уйуттан тур, көҕөрөн таҕыс (үксүгэр сирэй туһунан). Θ Позеленеть от страха (о лице). Оҕонньор хаана көҕөрчү өлөн хаалбыт, оспуоччук ойоҕо уҥаары байааттаҥныыр, Орунбаевтар соннорун тэллэҕэ илибириир. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (12)
Куриль уоска оҕустарбыттыы сымыһаҕын быһа ытырбытыгар уостара көҕөрө өлөн таҕыстылар. С. Курилов Кубарыйа өл - олус куттанан кубарыйан хаал (сирэй туһунан этэргэ). Θ Сильно побледнеть от испуга. Хабырыыс таһырдьа тахсаат, сирэйэ кубарыйа өлөн, аллараа сыҥааҕа титирээн, төттөрү ойон киирдэ. Амма Аччыгыйа Кыбыстан-кыпчынан өл - туохтан эмэ олус кыбыһын. Θ Сильно засмущаться, застесняться кого-чего-л. Өлбөт мэҥэ фольк. - 1) өлбөт-сүппэт уһун үйэ, уһун дьоллоох олох. Θ Бессмертная, долгая счастливая жизнь. Өй, үлэ күүһүнэн Өлбөт мэҥэни аһыахпыт! Күннүк Уурастыырап Сордоох соллоҥ үйэтэ, Соҥуй-ынчык түрмэҕэ Өлбөт мэҥэ бэйэҕин [Дьоллоох олоҕу] Сүрдээх өртөн күүппүппүт. Эллэй; 2) тыыны уһатар, үйэни салгыыр туох эмэ (хол., эмп-том). Θ Средство, способствующее долголетию (напр., лекарство). Эһэ үөһэ - өлбөт мэҥэ тэҥэ. И. Гоголев Онно билбитим уу, суох буоллаҕына, уһулуччу күндүтүн, өлбөт мэҥэҕэ тэҥин. Ф. Софронов Өлөр быатыгар - кыһалҕатыгар, бу буолуох. Θ К несчастью (букв. к смерти). Абам-сүптүм эбит!!! Өлөр быатыгар, өйбүн сүүйтэрэн, Суорума соруктаммыт Сорум эбит.
П. ОйуунускайБу муҥнаах баара өлөр быатыгар хара маҥнайгыттан сигилитэ-майгыта холлон киирбитэ. Н. Заболоцкай Өлөр өлүү - олох олорон бүтүү, туохтан эмэ өлүү-сүтүү. Θ Неминуемая смерть. Таалар быарын, үллэр сүрэҕин, Таба түһэммин, дьөлө сүүрэммин Өлөр өлүүгэ умса оҕустаҕым, Өлөр өлүүгэ тиэрэ тэптэҕим.
П. ОйуунускайКүн үрдүгэр киһини өлөр өлүүттэн өрүһүйэр эмчиттэн ордук идэ суох диэн этэллэрэ. ЭК Ууга өл - ууга түһэн чачайан өл. Θ Утонуть. Үстэ өлөн тилин - үс төгүл өлө сыһа-сыһа тыыннаах хаал. Θ Трижды оказаться на волоске от смерти (букв. трижды умирая, воскресать). Үстэ өлөн тиллэҥҥин, Үрдүк ааттанаҥҥын, Үтүө сурахтанаҥҥын, Өһүөннээххин дьакыйаҥҥын, Өрөгөйүҥ үрдүөхтүн.
П. ОйуунускайХара өлүөр диэри - өлөр күнүгэр диэри. Θ До последнего дня, минуты жизни. Хара түөкүн, хара өлүөр диэри кини үөнэ бараммат, - дии-дии, муус анныгар анньан кэбиһэллэр.
Суорун ОмоллоонДр. -тюрк., тюрк. өл
7 #
өл (өллө) хап (киллэр, булун, ыллар) - аһыы түс, аһаан сэниэтэ ыл
Нууччалыы Перекусить, поесть, заморить червячка
Мин бастаан өл хаба түстэхпинэ сатаныыһы. Болот Боотур Бэйэтэ өл киллэрэ түһүөн уонна доҕорун мииннии түһүөн наада этэ. Н. Заболоцкай Букатын быстан, соһуллан хаалбыт дьүөгэбин онтон [кус мииниттэн] өл ылларан, сэниэ киллэрэн сүһүөҕэр туруорабын. П. Тулааһынап
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. өл ‘питательность’
8 аат тыл #
Собо иһигэр, оһоҕоһун быыһыгар баар кытархайдыҥы болоорхой өҥнөөх убаҕас маасса (бустаҕына хойдор уонна бороҥ өҥнөнөр)
Нууччалыы Кашица (часть внутренностей карася: густая жидкость красноватого цвета, при варке становится гуще и приобретает коричневатый цвет)
Оҕонньор соботун өлүн мас ньуосканан баһан сиэн сыпсырыйар. Н. Якутскай Биир оҕонньор собо өлүн сии олорор үһү (тааб.: моҕотой). Собо, кырдьык даҕаны, бастыҥ ас буоллаҕа. Киниэхэ туох тэҥнэһиэ баарай?! Өлө, миинэ. Багдарыын Сүлбэ. Собону хатырыктаан баран үөстэниллэр. Искэҕэ уонна өлө балык миинин амтанын тупсарар. Дьиэ к Ханнык баҕарар өрүс балыгын сиэниллибэт иһэ-үөһэ, оһоҕоһо. Θ Внутренности речной рыбы (несъедобные). Ити икки ардыгар Туотук бил балыгын төбөтүн быһан, иһин хайытан, төбөтүн уонна ис өлүн хотойдоругар өлүүлээбитэ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Балык өлүн, искэҕин үөстүүргэ хайытыллыбыт сиринэн ороон ылыллар уонна ынах арыытыгар соркуойданар. ТИИ ЭОСА. Уол туран хааһахтан хаппыт балык төбөтүн, сытыйбыт балык өлүн арбаҕаһын тэллэҕэр куттан ыттарга барбыта ХС