Перевод с якутского
аадырыс
аат тыл
Нууччалыы точное местожительство кого-л
English address
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ким эмэ чопчу олорор сирэ
Нууччалыы Точное местожительство кого-л
Аадырыскын биэр. Кини аадырыһын ыл. Эрдэттэн биллэр аадырыстарынан кэрийэ сылдьан, колчаковецтар баһылыктарын тыаһа-ууһа суох тутуталаан түрмэҕэ аҕалтаатылар. В. Протодьяконов Сурук ыытан уоскуйуоҕун уолун аадырыһа биллибэт. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Ээ, чэ, суруйбатах буолтун кэннэ эмиэ тугу суруйдаҥый, аадырыһын да билбэппит
Күндэ
2 аат тыл #
Сурукка, баһыылкаҕа уо. д. а. ылааччы, ыытааччы аата, ханна баара суруллубута
Нууччалыы Надпись на письме, посылке и т. п., указывающая получателя, отправителя и место назначения
Пиэрмэҕэ аадырыспын кэмбиэргэ суруйабын Н. Габышев
3 аат тыл #
Суругунан эҕэрдэлээһин
Нууччалыы Письменное приветствие
Үгүс аадырыһы, уу оҕуһун муоһуттан оҥоһуллубут суруйар прибору бэлэх биэрбиттэрэ.
Суорун ОмоллоонҮбүлүөйдээххэ элбэх эҕэрдэ аадырыстар туттарылыннылар Кыым
4 аат тыл #
тард. сыһ. түһүк ф-гар: аадырыһыгар. Ким эрэ аатыгар туһаайан
Нууччалыы На имя кого-чего-л., кому-чему-л., в адрес
Ыраас лииһи ылан дириэктэр аадырыһыгар аҕыйах тыллаах сайабылыанньа суруйан адаарытта В. Яковлев