ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туһаай

туохтуур

Нууччалыы направлять

English to direct

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы направлять

English to direct (point something or someone in a given direction)

  • саатын эһэҕэ туһаайда
    он навёл ружьё на медведяhe pointed his gun at the bear

2 туохтуур #

Нууччалыы обращаться

English to address (in speech or writing)

  • бэйэтин этиитин ыччакка туһаайда
    речь он посвятил молодёжиhe dedicated his speech to the youth

3 туохтуур #

Тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ салай, туһулаа, тирээ

Нууччалыы Направлять, наставлять что-л. на кого-что-л

  • Саатын Бүөтүр диэки туһаайбытынан суол ааныгар туран кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • [Бурхалей] тыытын баһын көстөр арыы диэки туһаайан кэбистэ
    ХС

4 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ тугу эмэ туһулаан эт

Нууччалыы Адресовать что-л. кому-л., обращаться к кому-л

  • "Эн оҕоҕун кулубаҥ нэһилиэккэ суруксутунан анаата", – диэн улуус суруксута кинээскэ туһаайан эттэ.
    М. Доҕордуурап
  • [П. А. Ойуунускай] "Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар" хоһоонугар алаас кырдалыгар көмүллэ сытар ийэтигэр туһаайан истиҥ санааларын этэр
    СЛ-8

5 туохтуур #

Субу тиийэн кэл, уолдьас (кэм туһунан)

Нууччалыы Начинаться, наступать (о времени)

  • Мин диэтэх ат сылгы -- Күүскэ соҕус тэбинэн Көтөр күнүм туһаайда. Ньургун Боотур. [Баһылай:] Арахсар күнүм туһаайан кэллэ быһыылаах.
    А. Софронов
  • Тоҕонохтон тутуһан Тойук-хоһоон таһаарар Дьоллоох чааспыт туһаайда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ср. ДТС туш ‘направление, ног. туска целиться, прицеливаться, нацеливаться’

«Т» буукуба