ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туһа

аат тыл

Нууччалыы польза, полезность. [Онтоон:] Үҥсэн да диэн туһаны булбатым

English use, usefulness, benefit, profit

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Көмөнү, өҥөнү оҥоруу, көдьүүс

Нууччалыы Польза, полезность. [Онтоон:] Үҥсэн да диэн туһаны булбатым

2 аат тыл #

барыс II диэн курдук. Бэйэтин туһатын эрэ өйдүүр. ЯРС. Туһаны хаҥатан Тот буолар "дьолуттан" Дуол атын [Туспа күүс сааһыты угуйар]. Күннүк Уурастыырап

3 этии #

Этиилэр

Биир көмүс туһата суох көр биир, көмүс II

  • "Бүгүҥҥү күнүм биир көмүс туһата суох бүттэҕэ", – дии-дии Бэстиинэп оҕонньор тахсан барда. С. Никифоров

4 этии #

Нууччалыы Вводить в строй что-л. (напр., жилой дом)

Этиилэр

Туһаҕа киллэр

тугу эмэ тутан ситэрэн-хоторон бүтэр, үлэлэт (хол.

  • , олорор дьиэни) Ыстаансыйаны туһаҕа киллэрэри көҥүллүүр хамыыһыйа тахсан итэҕэһи-быһаҕаһы ыйбыта.
    Д. Таас
  • Биэс олорор дьиэни тутан туһаҕа киллэрбиттэрэ.
    ХС

Туһаҕа таһаар

урут тыытыллыбатаҕы, туһаныллыбатаҕы баһылаа; соччо наадата да суоҕу чөлүгэр түһэр.

Осваивать что-л. ранее неиспользованное; восстановить, вернуть к жизни что-л. пришедее в негодность.

  • Оһорбо сирдэри туһаҕа таһаараллар. "Ленин с. " Үчүгэй хаһаайка эргэ таҥаһы туһаҕа таһаарар.
    ХС

Туһаҕа турбат

көдьүүһэ суох, туһалаабат.

Бесполезный, непригодный.

  • Куйуктаҕа ылларбыт таба тириитэ үксүгэр туһаҕа турбат. "Кыым". Туһа киһитэ (дьоно) кэпс. – дьонугар ханнык эмэ үлэҕэ кыра да буоллар көмөлөһөр, туһалыыр кыахтаммыт оҕо (хайҕаан, таптаан этии). Ребёнок, который помогает родителям в чём-л. (выражение похвалы). Оҕолорум маладьыастар. Билиҥҥэттэн туһа дьоно буолан эрэллэр.
    П. Ойуунускай

Өйдүүбүн

Туһа киһитэ аатыран Толооҥҥо от мунньа барбыппын.

  • С. Васильев.

Туһа суох

таах-сибиэ, халтай.

Бесполезно, напрасно, зря.

  • Дьонтон кистээн, таҥараттан эмиэ көрдөһө сатыыр да – туһа суох.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьон тугу баҕарар туойуохтара. Ону барытын иһиллээн туһа суох.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕону сиир абааһыны куттаары, эһэ баппаҕайын да ыйаатыбыт, сир-дойду иччитигэр салама да баайдыбыт. Туһа суох.
    И. Федосеев

Туһа тахсарын ааспыт

туһалаан бүппүт, аны туһата, көдьүүһэ суох буолбут.

Стал бесполезным.

  • [Дьиэлэрэ] туох да туһа тахсарын ааспыт.
    Эрилик Эристиин
  • Ср. ДТС тусук, тусу ‘польза, выгода’, тув. дуза ‘услуга’, алт., тув. туза ‘польза, выгода, барыш’, бур. туһа ‘польза’

«Т» буукуба