Перевод с якутского
аалыҥнаа
туохтуур
Нууччалыы двигаться медленно, как бы нехотя
1 туохтуур #
Сүрэҕэлдьээбиттии бытааннык, көһүүннүк хамнаа
Нууччалыы Двигаться медленно, как бы нехотя
Гришалара оргууй туран дьону быыһынан аалыҥнаан, бэрт өр айаннаан остуолга чугаһаата, ааттаһардыы дьону эргиччи көрдө. Амма Аччыгыйа Буокай оҕонньор биир кэм аалыҥнаан ааһан иһээччи. А. Сыромятникова Лифт сүрэҕэлдьээбиттии аатын эрэ аалыҥнаан, аллара диэки айаннаан барда С. Федотов
2 туохтуур #
Төттөрү-таары иэрэҥ-саараҥ кэл-бар; киһи хараҕын аалар курдук үгүстүк сырыт, тиэһин
Нууччалыы Ходить взад-вперед, мельтешить перед глазами
Сахаар оҕонньор үрэх мууһугар дьара сирин ыйан биэрэн баран, быһа аалыҥнаан, мэскэйдэнэн дьонун таһыттан арахпатаҕа. В. Яковлев Сыһыы муҥунан атыыр аалыҥныыр Н. Түгүнүүрэп