ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аарыгыр

туохтуур

Нууччалыы шуметь, греметь (напр., о шуме большого города); издавать звонкие, раскатистые звуки

1 туохтуур #

Ньиргиэрдээхтик тыаһаа-ууһаа (хол., улахан куорат туһунан); лаҥкыныыр, сатарыыр тыаһы таһаар

Нууччалыы Шуметь, греметь (напр., о шуме большого города); издавать звонкие, раскатистые звуки

  • Аны ахтар буоллум дуу Аарыгырар куораты, Күһүн мустар доҕордуу, Көрдөөх-нардаах ыччаты?
    М. Тимофеев
  • Куолакал тыаһа эҥин араастаан аарыгыран, лыҥкынаан түннүгүнэн киирэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Үүдэһиннэрин тыаһынан өрө аарыгыран күүстээх бульдозердар тахсаллар
    Кыым
  • Айаарар курдук сатархайдык саҥар, ыллаа. Θ Раскатисто, звонко говорить, петь. Кылаас маҥнайгы дьуһуурунайа Булочкин арааппардаан аарыгырда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
  • Албакыын кырдьаҕас ону [оҕо ыалдьыбытын] көрөн, тиэтэйэн, олоҕор олорон, кыыран аарыгырбытынан барар
    Р. Кулаковскай
  • Тыаһаан-ууһаан айдааран, биллэн-көстөн бар-кэл, сырыт (үксүгэр элбэх дьон, суол-иис ньиргиэрин туһунан). Θ Издавать сильный шум (обычно при многолюдстве, большом движении на дорогах). Бачча үгүс дьон мустан аарыгырбыт, аалсыбыт сирэ диэтэххэ кимнээҕэр бэрээдэгирбит сиргэ кэлэн тиҥ гына бэрдэрдэҕим ити.
    Н. Заболоцкай
  • Лампаарыкы уруккута даҕаны аттаах бөҕө аарыгырбыт, тиҥилэхтээх бөҕө тибилийбит, аатырбыт сайылык этэ.
    Далан
  • Ахсым-бардам сырыылаах Аптамабыыл көлөлөр Аарыгыран бардылар
    В. Чиряев

2 туохтуур #

Киэҥник, айдааннаахтык сураҕыр (аат-суол туһунан)

Нууччалыы Иметь шумную славу, получать широкую известность

  • Аҕыс халлаан анныгар Аарыгырар ааттаах-суоллаах Алмаасчыттаах, кырсаһыттаах [Сахам сирэ].
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини байарыттан, аата-сураҕа аарыгыран тарҕанарыттан атыны тугу да санаабат киһи.
    И. Никифоров
  • Ааппыт-суолбут олус аарыгырбатар да, син онно-манна биллэр дьон буолуохтаахпыт. Софр
    Данилов

3 туохтуур #

Тугунан эрэ уһулуччу чорбой (хол., сүүнэ улаханынан, кэрэтинэн, ураты бэлиэтинэн)

Нууччалыы Выделяться среди прочих чем-л. особенным (напр., грандиозными размерами, особой красотой и др.)

  • Өлүөнэ эбэ барахсан, төһө да тунал маҥан хаардаах мууһунан бүрүлүннэр, син киэҥинэн, кэрэтинэн абылыы, аарыгыра сытар буоллаҕа.
    И. Брызгалов
  • Суон буруолаах, суостуганнаах оһохтоох Алаһа бараан дьиэ Алыс ааттааҕа Аарыгырбыт эбит
    П. Ойуунускай

«А» буукуба