ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аатыр

туохтуур

Нууччалыы получать какое-л. имя, нарекаться

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Ханнык эмэ ааты ылын, ааты иҥэрин

Нууччалыы Получать какое-л. имя, нарекаться

  • Бу тумул "Хааннаах тумус" аатырбыта түөрт уонча сыл буолла.
    М. Доҕордуурап
  • Бар дьонугар кини "Өксөкүлээх Өлөксөй" диэн аатырбыта ырааппыт эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Мин доҕорум ол көмөнү нэһилиэнньэттэн аан маҥнай ылбытын иһин Харчы Уйбаан аатырбыт
    С. Федотов

2 туохтуур #

Тугунан эрэ билин-көһүн, сураҕыр

Нууччалыы Стать известным, популярным; славиться

  • Тиэтэйбит диэн наһаа күүстээх бухатыыр киһи кыайталаата. Бу бухатыыр олус аатыран эрэр.
    Эрилик Эристиин
  • Аҕаҥ барахсан Амарах муҥутаан Алааска ыалын Барытын аһатара, Байдам туттуулаах, Баай байанайдаах Булчут чулуута Буолан аатырара.
    И. Егоров
  • Эчи, аатыраҕын-аатыраҕын да, биһиэхэ олоҥхолоон иһитиннэрбитиҥ суох
    В. Гаврильева

3 туохтуур #

Ханнык эмэ ахсааҥҥа, суокка сырыт

Нууччалыы Считаться кем-чем-л., слыть кем-л., каким-л

  • Былырыыҥҥы тохсус. Оскуолаҕа саамай ыарахан кылааһынан аатырар. Софр. Данилов. Өймөкөөн - тымныы полюһунан аатырара, кыһын манна уһуура биллэр сир, ол да буоллар быйыл манна саас олус хойутаата.
    Н. Заболоцкай
  • Саха, эбээн кыргыттара былыргыттан сэмэйдэринэн, көрсүөлэринэн аатыраллара, ол үтүө үгэһи эһиги, кыргыттар, харыстыах тустааххыт
    И. Гоголев

4 туохтуур #

Иһилин, тарҕан (сымыйата-кырдьыга биллибэт сурах, үһүйээн, кэпсээн туһунан)

Нууччалыы Распространяться, слышаться (о недостоверных слухах, молве)

  • Куорат "үрүҥ буолбут" аатырда.
    Амма Аччыгыйа
  • Айаантан аҕыс ат тардыыта "Аарыма сэп" иһэр аатырбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Абыраамап] Дьокуускайга тугу эрэ кимиэхэ эрэ албакааттыы суукка-сокуоҥҥа сылдьар аатырара
    Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
  • Ханнык эрэ тылы ыыт, тарҕат (үксүгэр сымыйа, туохтан эрэ куотунуу, албаһырыы курдук). Θ Распространять, пускать слух, известие (обычно вымышленное, для прикрытия неблаговидных поступков). Аҕабыыт миэтирикэттэн көрбүт аатыран, [баайдар уолаттарын] саллаакка барар саастарын биирдии нэдиэлэ ааспыт гына оҥортоон биэрбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Киһи хараҕар тугу да аҕалбыта, оҥорбута суоҕун иһин, биир кэм солото суох аатырар
    Н. Заболоцкай

5 этии #

Нууччалыы Особо выделяться своей известностью, славой среди всех остальных, быть прославленным сверх меры

Этиилэр

Аар-саарга аатыр көр аар-саар

  • Аҥаардастыы аатыр - киһиттэн барытыттан чорбоччу сураҕыр, кимиэхэ да тэҥнээҕэ суох буола аатыр Арҕаа эҥээргэ баайынан, атамаанынан аҥаардастыы аатырар, соҕотохтуу сураҕырар.
    Саха фольк
  • [Нүһэр Дархан:] Эбэ хотун икки эҥээригэр Аҥаардастыы аатырыахпын бардамнык баҕарарым, Ол баламат санаам туолбата.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Ол соҕотоҕун сураҕырбыт, аҥаардастыы аатырбыт Баай Бакыыһа киэҥ дьиэлин мин тэлэйэн, ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолан, иэһи боруостаан көрүөм. Эрилик Эристиин

6 этии #

Нууччалыы Иметь, приобретать громкую славу

  • Албан аатыр үрд. - киэҥник, дарбааннаахтык сураҕыр Албан аатырбыт Алмаас тааһым Ача от сытыы күөҕүнэн Арылыйа оонньоон барбытыгар Улуу Русь сирин Унаар күөх урсуна Оргууй таала долгуйда.
    П. Тобуруокап
  • Барҕа да баайданным, албан да аатырдым, Ол эрээри санаам быһаҕас... И. Гоголев

«А» буукуба