Перевод с якутского
айаар
туохтуур
Нууччалыы громко кричать, петь, горланить, шуметь, реветь
1 туохтуур #
Киэҥ-куоҥ дорҕоонноох ырыаны ыллаа, айдаар, бэлэһир
Нууччалыы Громко кричать, петь, горланить, шуметь, реветь
Соноҕосчой атыырбыт Барылаччы кистээтин, Кунаныкчай оҕуспут Лоҥкуначчы айаардын. Күннүк Уурастыырап Салгыҥҥа айаарар Сөмөлүөт ааллары Аллар уу көлөһүн Абынан айбыттар. Эллэй. Хаҥас биэрэк сүллэр этиҥнии өрө ньирилии-тигинии түһэрин, сүр ынырыктык айаара-айаара холлоҕостоох уотунан күүдэпчилэнэрин кытта ити барыта [айылҕа ырыата-тойуга] ылы-чып барда А. Данилов
2 туохтуур #
Дарбааннаахтык кими, тугу эмэ уруйдаа-айхаллаа, албан аатын арбаа
Нууччалыы Шумно, громко хвалить, превозносить, прославлять кого-л
Арааһынай куолаһынан Айхал бөҕөнү айаарбыт, Көҥүл куолаһынан Көрүдьүөс бөҕөҕө көҕүйбүт сир эбит. А. Софронов Кини албан аата айаарбыта Эллэй