ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

айбыт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы творец, создатель

1 аат тыл #

Күн сиригэр баар гынааччы, айан үөскэтээччи (үксүгэр итэҕэлгэ - таҥара эбэтэр аҕа туһунан)

Нууччалыы Творец, создатель (обычно в верованиях - о боге-творце, часто ирон. - об отце)

  • Айбыттан аналлаах айаатыыр илбиһим олоппокко сордоон, ойоҕоспор оонньоон тамахпын илитэн ыллыырым эбэтээ!
    П. Ойуунускай
  • Өбүгэлэр үҥкүүлэрэ үөдүйэн, Төрүттэр үҥкүүлэрэ төгүрүйэн, Айбыттар үҥкүүлэрэ араалланан, Сэттэ омук сэгээк ырыата эйээрдэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тоойуом, чэ даа, барыах. Били айбытыҥ букатын, чэ кыайыаҕа
    А. Сыромятникова

2 даҕааһын #

суолт. Күн сиригэр баар гыммыт, айан үөскэппит

Нууччалыы Создавший, сотворивший

  • Айбыт аҕа. Поэт айбыт ырыалара. Норуот айбыт номохторо.
  • Мин бардым горняк-үлэһит Айбыт куоратын туойаары, Тэбиий, тимир эрдииһит, Дэбилит дьэҥкир бааллары! Эллэй. Махтал! - диибин. - Барҕа махтал Миигин айбыт айылҕабар, Ытыыр, күлэр, уйадыйар Тэбиэс сүрэхтээн айбыккар.
    С. Данилов
  • Кэбис, кэбис, айбыт аҕа сүрэҕэ Таас буолбатах эбит
    И. Гоголев

3 этии #

Нууччалыы Никто этого не знает, никому неведомо (соотв.: бог его знает, один бог знает)

  • Айбыт (таҥара) билэр - ким да билбэт; киһи билэр кыаҕа суох (ону таҥара эрэ билиэн сөп; үксүгэр ыйытыыга, хоруйга тут-лар) Оҕонньорго уолуттан -- ыарахан дьааһыгы уонна туох эрэ суулаахтары аҕалбыттар. Онно туох-туох баарын айбыт бэйэтэ билэр.
    Болот Боотур
  • Былыр-былыргыттан кыһыл көмүс былдьаһыгар төһө элбэх иирсээн, төһө үгүс өлөрсүү буолбутун айбыт бэйэтэ билэр.
    ХС
  • Кинилэр онно тугу кэпсэппиттэрин айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ. И. Гоголев

«А» буукуба