Перевод с якутского
айымньы
аат тыл
Нууччалыы создание материальных, духовных, культурных ценностей, творчество
English creation
1 аат тыл #
Киһи духовнай, материальнай, культурнай сыаннастары оҥорон таһаарбыта
Нууччалыы Создание материальных, духовных, культурных ценностей, творчество
Киһи бэйэтин үлэтин үрдүк таһымҥа таһаарыахтаах, үлэ уус-уран айымньы таһымыгар тахсыахтаах, үлэ - айар айымньы суолтатын тутуохтаах.
П. ОйуунускайКультура дьиэтигэр-- оҕолор, дьахталлар айымньыларын, оҥоһуктарын көрүү, спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллаллар Д. Пухов
2 аат тыл #
Киһи өйүн, талаанын күүһүнэн айыллыбыт духовнай, культурнай сыаннастар
Нууччалыы Духовные, культурные ценности, сотворенные умом и талантом, доставляющие людям эстетическое удовлетворение
Литературнай айымньы. Искусство айымньыта. Музыкальнай айымньы. Уус-уран айымньыга оҕо кэрэхсибилин үөскэтии, киниэхэ айымньы идейнэй күүһүн, уус-уран кэрэтин арыйан көрдөрүү уустук дьыала. Софр. Данилов. Маннык айымньылар [үгэлэр] саха да фольклоругар эмиэ бааллар Д. Сивцев
3 аат тыл #
Киһи (таҥараттан, үрдүк айыылартан айыллыбыт "харамай" диэн өйдөбүлгэ, билигин үксүгэр элэк дэгэттээх)
Нууччалыы Человек (как существо, созданное богом, имеет обычно насмешливый оттенок)
Уолаттар! Истэҕит дуо? Миша айылҕа бастыҥ айымньыта, сайдыы чыпчаала үһү!
Н. ЛугиновМин дуона суох өйбүнэн-санаабынан чуолкайдык өйдөөн эрэбин эбээт: -- барыта кини [айыы таҥара] бэйэтин айымньытыгар [киһиэхэ] муҥура суох тапталын түмүгэ буоларын. Л. Толстой (тылб.)