ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

айыыһыт

аат тыл, аат

Нууччалыы айыысыт

1 аат тыл #

, миф. Киһи-сүөһү төрүөҕүн таҥаралара

Нууччалыы Айыысыт (общее название богинь, покровительствующих увеличению потомства)

  • Аал уот иччитигэр Ас кутан Ааттаһан барбыттарыгар, Ахтар айыыһыт ала чахчы Айхалынан алҕаабыта.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Дьахтар талыыта киирэн] Айыыһыт ийэтин ыҥырар Абытай халахайа буолла, Эдьээн иэйэхситин эргитэр Энэлгэн тойуга буолла.
    П. Ойуунускай
  • Айыыһыт хотун хатаҕалаан, киниэхэ [кыыска] олус кэрэ дьүһүнү уонна кэрэ, чуор куолаһы бэлэхтээбит.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн.: иэйэхсит

2 этии #

Айыыһыт аттаныыта (айыыһыты атаарыы) эргэр. - дьахтар төрөөбүтүн үһүс күнүгэр оҥоһуллар былыргы сиэр-туом Айыыһыт тардыыта эргэр. - былыр оҕоломмотох дьахтарга айыы ойуунунан оҕону көрдөһүннэрэр уустук сиэр-туом. Старинный обряд испрашивания кут ребенка нерожающей женщине (пир, исполнение сложных ритуалов). Суон Байбаас бэйэтинэн ыҥыыр атынан кэлэн, айыыһыт тардыытын тэрииригэр Хобоону көмөлөһөрүгэр көрдөстө. И. Гоголев

Нууччалыы Старинный обряд отправления Айыысыта на третий день роженицы (с обильными угощениями, сложными ритуалами)

«А» буукуба