ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алаар

туохтуур

Нууччалыы не знать что делать, растеряться, опешить; смотреть пустыми невидящими глазами

1 туохтуур #

Көрө симиттэн, өмүттэн, эбэтэр туох эмэ элбэххэ аралдьыйан, тугу да аанньа арааран көрбөт буол, мээнэнэн көр

Нууччалыы Не знать что делать, растеряться, опешить; смотреть пустыми невидящими глазами

  • Тоҕо ыппатыҥ? Чубукулар олох аттыгынан ааспыттар эбит дии! - Алааран туран хааллым.
    И. Данилов
  • Орто дойду Одьунаас оҕолоро, Харахтара алаарбыт, Хараара иирбит дьон...
    П. Ойуунускай
  • Били илбиркэй хойуу түүлээх хара ыт, алааран хаалан, кэлииккэ таһыгар, уулусса диэки мээнэнэн көрө-көрө, үрэн лоҥкуната турда. А. Фадеев (тылб.)

2 туохтуур #

поэт. Ып-ыраас, сып-сырдык буолан көһүн

Нууччалыы Виднеться, бросаться в глаза своей сверкающей чистотой и блеском (обычно о небосводе, сверкающей поверхности воды, радуге)

  • Төрөөбүт алааһым сылааһын, Алааһым алаарар халлаанын Ханна да тиийдэрбин доҕоччуок, Ахтыбат, санаабат сирим суох.
    С. Данилов
  • Уон араас өҥнөрдөөх алаарар кустукпут Умайар лиэнтэлии кылбаарар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аммабыт хочото эчи киэҥин-холкутун! Алааран түһэн ырааһын
    С. Федотов
Өссө холобурдар (2)
  • Сырдаан, чаҕылыйан көһүн (сырдык сэбэрэлээх кыыс киэҥ, сымнаҕас хараҕын туһунан). Θ Быть сверкающими, блестящими (о глазах молодой красивой девушки). Кыыстара кынталдьыйан, дьүһүнэ күлүмнээн, имэ тэтэрэн, хараҕа алааран -- кыыс да кыыс.
    П. Ойуунускай
  • Тэҥн.: алаадый

«А» буукуба