ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мах

Нууччалыы растерявшись от неожиданности, испуга, лишиться слов, дара речи, опешить

мах бэрдэр I - туохтан эмэ уолуйан, өмүттэн ыксаан хаалан тугу да булан этимэ, тылгыттан матан хаал

Нууччалыы Растерявшись от неожиданности, испуга, лишиться слов, дара речи, опешить

  • Бары суоһар сонунтан мах бэрдэрбиттэр, инникитин кинилэр олохторугар, үлэлэригэр туох хамсааһын, долгуйуу тахсыахтааҕын субу түгэҥҥэ, быһа барыллаан да, сабаҕалаабаттар.
    У. Нуолур
  • Сергей мах бэрдэрбитэ, тугу да булан утары этэр кыаҕа суох буола түспүтэ.
    В. Васильев
  • Биһиги бары да уйан сирбитин күүтүллүбэтэх өттүбүтүттэн эмискэ таарыйтаран, тугу да диэн доҕорбутун уоскутуохпутун булбакка, мах бэрдэрэн хааллыбыт. Н. Кондаков; мах бэрдэр II - олус элбэх астан кыраны да сиэн баран тотон хаалбыт курдук буол. Θ Внезнапно утратить желание есть (напр., от обилия разнообразной пищи). Кырдьык да, ас элбэҕин көрөн, хайдах эрэ мах бэрдэрэн хаалла. Айталыын. Таарыччы [отону] ытыһан ылан аҕыйахтык сиэмэхтээтэ да, сотору сөп буолан мах бэрдэрдэ
    Тумарча

«М» буукуба