ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

албыннас

Нууччалыы льстить, заискывать перед кем-л

1 #

албыннаа диэнтэн холб. туһ. Биһиги, бу курдук бэйэ-бэйэбитин хардарыта албыннаһаммыт, хайабыт даҕаны хамсалаах табах быстыҥа нуктаабатыбыт. Амма Аччыгыйа

2 #

Ньылаҥнас, бэрт буола сатаа; сымнаҕастык көрдөһөн, тугунан эмэ түөкэйдээн тылгар киллэрэ сатаа

Нууччалыы Льстить, заискывать перед кем-л.; уговорами, увещеваниями, посулами добиваться чьего-л. согласия

  • "Хайа, бүгүн ким сырытта?" - диэн, кэнники тылын албыннаһар быһыынан куолаһын сымнатан ыйытта.
    Амма Аччыгыйа
  • "Киэһэ хотуурбун таптайан кэбиһээр эрэ, атаһым бэрт киһи буоллаҕыҥ, ээ!" - Иван албыннаста.
    Э. Соколов
  • "Тукаларыам!" - диэн харда суоҕуттан дьулайа-дьулайа Турахин албыннаһан саҥаран барда.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Албыннаһан тылларыгар киллэрээри ылахтаһа сатыы олордохторо. Софр
    Данилов

«А» буукуба