ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саһылыкаан

аат тыл

Нууччалыы название лисицы, выставляющее её искусной мастерицей хитрить и льстить

1 аат тыл #

Саһылы олус сатабыллаах албынньыт оҥорон ааттааһын

Нууччалыы Название лисицы, выставляющее её искусной мастерицей хитрить и льстить

  • Никифоров кинээс көстөр дьүһүнүнэн, оҕуруктаах өйүнэн саһылыкаан албын буоллаҕа дии.
    М. Доҕордуурап
  • Бары саһылыкаан ньылбыйан сылдьарын өйдөөн көрдүлэр. Саһыл, сороҕор кирийэн хаптайан хаала-хаала, таастан тааска сөрөнөн, үөмэн иһэр эбит. А. Кривошапкин (тылб.)

2 аат тыл #

түөлбэ. Сыалыһар

Нууччалыы Налим

3 этии #

Этиилэр

Саһылыкаан мэйии

саһыл мэйии диэн курдук (көр мэйии).

  • Саһылыкаан мэйии буоллаҕым дии. Хайа уонна, милииссийэҕэ үксүлэрэ билэр уолаттарым диэн бөҕөх соҕустук санана сылдьыбыта.
    КАА АСС

«С» буукуба