ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрэмэс

даҕааһын

Нууччалыы сиводушчатый

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кэрэмэс саһыл.
  • Сааба Маҥхааһай хаһааһыттан үс кэрэмэскэ, сүүс тииҥҥэ атыыласпыт бэрдээҥкэтин таҥнары сүгэн кэбиспит.
    Л. Попов
  • Чолбон аҕата биирдэ хапкаантан кэрэмэс саһылы ылан кэлбитин өйдүүр
    И. Федосеев

2 даҕааһын #

Хара дьураалардаах көҕүстээх, кыһыллыҥы бороҥ өҥнөөх, бороҥ өрөҕөлөөх, хара тыстаах (саһыл түүтүн өҥүн туһунан); оннук саһыл бэйэтэ

Нууччалыы Сиводушчатый (о лисе); лиса-сиводушка

3 даҕааһын #

Кэрэмэс саһыл тириитинэн тигиллибит (хол., бэргэһэ)

Нууччалыы Сшитый из шкурки сиводушчатой лисицы

  • Кэрэмэс бэргэһэ тиктилэр Килбиэн кэрэ кыргыттар
    Эллэй

4 даҕааһын #

Күрэҥсийбит дьүһүннээх (бытык)

Нууччалыы Сивый, седеющий (о бороде)

  • Буулур атыыр сылгы сиэлин тэлгии бырахпыт курдук күрүө кэрэмэс бытыктаах. ПЭК ОНЛЯ I
  • Бороҥсуйан көстөр кэрэтиҥи дьүһүннээх (сылгы дьүһүнэ). Θ Светлосерый (о масти лошади)

5 даҕааһын #

Бары өттүнэн дэгиттэр үтүө, бастыҥтан бастыҥ, чулууттан чулуу

Нууччалыы Отборный, лучший (во всех отношениях)

  • Барыта кэрэмэс, барыта толуу, Барыта судургу, барыта сонун.
    С. Данилов
  • Имигэс иэхсиилээх Кэрэмэс киирсиилээх Чурапчы бөҕөһө.
    А. Бродников
  • Үлэҕэ, үөрэххэ дьулуурдаах Үгүс тэгил ыччаттардаах, Аатырыан аатырбыт Алыс кэрэмэс дойду эбит
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Кэрэттэн кэрэ, бастыҥ кэрэ. Θ Прекраснейший, красивейший. Эйигин көрөөтүн биллим мин Хаар ыарын, кырдьар саас кырыыһын: Кэрэмэс бэйэлээх кэхтэрин.
    С. Данилов
  • Илдьиэҕим мин киһи гиэнин Кэрэмэс биир кэрэтин - кэхтэн бүтэр сэбэрэтин, Уостубат уот мичээрин.
    С. Тарасов
  • Араас омук ааттаахтара Ураты дойду урдустара Кэрэмэс бэйэтин көрөөрү Кэлэр идэлэммиттэр
    С. Зверев

6 даҕааһын #

Кэриэс-хомуруос (тыл)

Нууччалыы Заветный, сокровенный, задушевный (о слове, речи)

  • Этэр кэскиллээх Кэрэмэс тылбын эттээх-хааҥҥытыгар иҥэрэн, Истэн сэҥээриҥ эрэ!
    П. Ядрихинскай
  • Эвен. кэрэмрии 'сиводушка'

7 этии #

Кэрэмэс саһыл мэлдьэҕэ - көрдөрөн туран мэлдьэхтээх

Нууччалыы Ничего не признающий, нагло отрицающий все, мошенник (букв. отпирательство лисицы-сиводушки)

8 этии #

Буурай кэрэмэс - бороҥ толбонноох кэрэмэс саһыл Быалаах кэрэмэс - сиһин ортотунан хараҥа дьураалаах кэрэмэс саһыл. Сиводушка с темной полосою по спине. Дьиикэй кэрэмэс - буоппал, мөлтөх түүлээх кэрэмэс саһыл. Лиса-сиводушка с некачественной шерстью. Киргиллээх кэрэмэс - сырдык дьураалардаах, күндү кэрэмэс саһыл. Лиса-сиводушка со светлыми полосами на спине (ценится дорого). Кириэстээх кэрэмэс - түөһүгэр үрүҥнээх ("күннээх"), күндү түүлээх кэрэмэс саһыл. Лиса-сиводушка с белым пятном на груди (ценится дорого). Кырымахтаах кэрэмэс - түүтүн кылаана сырдык толбонноох күндү түүлээх кэрэмэс. Лиса-сиводушка с серебристым отливом на спине (ценится особо)

Нууччалыы Сиводушка с серым отливом

«К» буукуба