ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрэмэн

даҕааһын

Нууччалыы совершенный во всех отношениях, изумительный

I

1 даҕааһын #

, үрд. Бары өттүнэн дэгиттэр үтүө, кэрэ (үксүгэр айылҕа көстүүтүн туһунан сөҕөн-махтайан этиигэ)

Нууччалыы Совершенный во всех отношениях, изумительный (обычно восторгаясь красотами природы)

  • Кини айымньытыгар даҕаны, олоҕор даҕаны син биир итинник кэрэмэн дууһалаах киһи этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Көрөҕүн дуо, бу дыргыл сыттаах хампа күөҕү, синньэ күөҕү, бу кэрэмэн көстүүнү!
    Сэмээр Баһылай

2 даҕааһын #

Киһини угуйар күүстээх, дьикти-кэрэ (инники кэскил, дьол-соргу туһунан)

Нууччалыы Светлый и прекрасный (о будущем, судьбе)

  • Киһи барахсан эрэлин, кини кэрэмэн кэскилин итэҕэйэрим бэрт буолан инним диэки дьулуһабын, иҥнибэккэ иһэбин.
    С. Данилов
  • Этиэхтэн кэрэмэн Эйиэхэ кэскилиҥ Кэхтибэт чэчиринэн Сир үрдүн симиэҕиҥ.
    М. Ефимов
  • Кэнчээри Кэрэмэн кэскилин түстээбит Тордохпут барахсан Тупсаҕай да эбит. В. Лебедев (тылб.)
II

3 #

көр кыраман. Кэтит кэрэмэн дойду. ПЭК СЯЯ. Далай халлаан түгэҕэр Дойдуламмыт сулустар Ааспыт күн-дьыл кэрэмэн Ахтыытыныы ыраахтар. Н. Рыкунов

«К» буукуба