Перевод с якутского
алгыс
аат тыл
Нууччалыы особые слова, обращенные к людям с пожеланием им добра; слова, произносимые по всяким жизненным случаям, моля, испрашивая благополучного исхода, благопожелания
English blessing
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Дьоҥҥо үтүөнү баҕаран, олох араас түбэлтэлэригэр, көстүүлэригэр үтүө түмүгү көрдөһөн анал тыл этии
Нууччалыы Особые слова, обращенные к людям с пожеланием им добра; слова, произносимые по всяким жизненным случаям, моля, испрашивая благополучного исхода, благопожелания
Алгыс тыла. Урууга алгыста эт. Ыһыах алгыһа. Кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа арыылаах (өс хоһ.). Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр (өс хоһ.). “Саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ!” - Сахаҕыт норуотун алгыһын умнумаҥ! Күннүк Уурастыырап Алгыс тыла арыылаах дииллэр, Алҕаатаҕым буоллун: Буулдьалар аһара көттүннэр Дойдум хорсун уолун И. Эртюков
2 аат тыл #
Сөбүлүүр-биһириир, үтүөнү баҕарар ис хоһоонноох кимиэхэ эмэ туһаайыллыбыт кэс тыл (үксүгэр кырдьаҕастар эдэрдэргэ анаан этиилэрэ)
Нууччалыы Благословение; напутсвенное слово (обычно обращение стариков к молодым)
Ийэ-аҕа алгыһа, ийэ-аҕа кэриэһэ диэн суруйуоххун, ыллыаххын баҕараҕын. С. Васильев “Туой, ыллаа!” - диэн тапталлаах Дойдум биэртэ алгыһын, Бэһиэлэй, нарын, ыар тыллаах Поэзия - мин аргыһым. Дьуон Дьаҥылы. Төрөөбүт эн дойдуҥ алгыһа Иллээх көмөтө тиийдин. И. Чаҕылҕан [Вера:] Биһиги Куонаанныын, икки тулаайах холбоһон, ыал буолуохпутун баҕарабыт. Онон эн алгыскын көрдүүбүт С. Ефремов
3 аат тыл #
Былыргы итэҕэл быһыытынан, киһиэхэ кутталлаах хараҥа күүстэри үтэйэр, ыарыыны эмтиир-домнуур кыахтаах “аптаах” тыл
Нууччалыы По старинному суеверному представлению: “волшебное” слово, способное изгонять злые силы, исцелять от болезней; заговоры, заклинание
Миэхэ тахсан олорон аһаан, аралдьыйа түһэн киир. Кыра алгыс алҕатардаах этим Болот Боотур
4 аат тыл #
Үтүө тыл, үтүө баҕа санаа; туох эмэ муҥутуур үтүө, кэрэ көстүүтэ
Нууччалыы Доброе слово, доброе желание, пожелание; прекрасный вид, лучшее создание
ыгыран диэн курдук Алгыстар арыллаллар Аҕай эбээ, оҕолоор. А. Софронов Кинилэр дьон санааларыгар эҥкилэ суох арай бу балар быһыылаах диэн алгыс санааны кытары саастаах өттүлэрэ батыһа көрөн хаалаллар.
Н. ЛугиновСир олоҕун киэргэлэ, аан дойду алгыһа дьахтар баар.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Эйиигинниин алгыс буолуом, Эн үүрдүҥ да кырыыс буолуом, Эйигинниин ырыа буолуом, Эн үүрдүҥ да ынчык буолуом И. Гоголев
5 аат тыл #
лит. Норуот поэзиятын биир саамай былыргы көрүҥэ, жанра
Нууччалыы Один из древнейших видов (жанров) якутской народной поэзии, алгыс
Олоҥхо, алгыс, чабырҕах уонна поэмалар үгүстэрэ саха фольклорун жанр өттүнэн уратыта буолар. Саха фольк Алгыс, андаҕар курдук түҥ былыргыттан сибээстээх айымньыларга поэт иччилэри, айыыһыттары ааттаталыыр. ФЕВ УТ У. Тюрк алгыш