Перевод с якутского
алҕаа
туохтуур
Нууччалыы благословлять; хвалить; молиться
English to bless, to praise, to pray
1 туохтуур #
Нууччалыы благословлять; хвалить; молиться
English to bless, to praise, to pray (to)
2 туохтуур #
Үрдүк айыылартан, иччилэртэн көрдөһөн, тыл алыптаах күүһүгэр эрэнэн былыргы тылларынан алгыс эт (ыллаа)
Нууччалыы Произносить (напевать) старинные слова-благопожелания, обращения с мольбой к высшим божествам, духам-иччи (верование, основанное на признании магической силы слова)
Алтан чуораан айахпынан Айыыһыты алҕаан, Ахтан туойан Айаарар күнүм Арыллыбыт эбит, оҕолоор! Саха фольк Аал уоту бочуоттаан, Ким хайа сүһүөҕүн бокуппат, Аал уоту уруйдаан, Ким хайа ааттаһа алҕаабат? А. Абаҕыыныскай Эбэм сөҕүрүйбүт уоту мас сыыһынан күөдьүтэн баран ас куппута, киһи дэбигис өйдөөбөт тылынан алҕаан субуруппута П. Аввакумов
Өссө холобурдар (4)
Үтүөнү баҕаран иэйиилээх тыллары эт, алгыс тылы эт (үксүгэр ыраах атаарарга, чугас истиҥ дьоҥҥо). Θ Произносить (напевать) проникновенные слова с пожеланием добра, счастья; благословлять (провожая в дальнюю дорогу, близких). Оҕолорбутун алгыс үтүөтүн алҕаан, тыл үтүөтүн этэн, орто аан ийэ дойдуга түһэрдэхпит. Саха фольк "Үчүгэйдик, дьол-соргу үрдүгэр сылдьыҥ! - диэн оҕонньор алгыыр. Эрилик Эристиин Дьэ этэҥҥэ сырыт", диэн Дьэбдьиэй кыыһын алҕаабыта. Күннүк Уурастыырап Тюрк. алҕа