ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

амырыын

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы очень страшный, внушающий большой страх, боязнь

1 даҕааһын #

Сүрдээх дьулаан, киһи олус толлор, саллар

Нууччалыы Очень страшный, внушающий большой страх, боязнь

  • Биһиги оҕобут Ытык ыыспабытын Ытыгылаан сылдьыа суоҕа, Улуу дойдуларынан урбачыйыа, Киэҥ сирдэринэн тэлэкэчийиэ, Амырыын аартыктары арыйыа.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ол дьааһык киэһэттэн ыла, ойуун амырыын абааһыта Тойон киһи оҕолорун эккирэтэ сылдьан сиир идэлэммит.
    И. Гоголев
  • Кини кыратык тохтоотор эрэ, балаҕан иһэ ньим буола түстэр эрэ, туох эрэ амырыын алдьархай түбүлүөххэ айылаах. Софр. Данилов. Тэҥн. дьулаан

2 даҕааһын #

Олус күүстээх, от-мас тостурута барар (үксүн улахан тымныы туһунан)

Нууччалыы Весьма сильный, трескучий (о большом холоде, морозе)

  • Аҕыс ый тухары амырыын тымныылаах хоту дойду киһитигэр уоттан ордук абыраллаах туох кэллэҕэй. Софр. Данилов. Амырыын тымныылаах, уһун улугуруулаах кыһын эмиэ ыган кэлэн эрэрэ.
    Ю. Чернов
  • Саха сирин амырыын тымныылаах айылҕата таас үйэ саҕана даҕаны бэйэтэ-бэйэтинэн этэ. “
    ХС
  • Кэрэни-кэнчээрини кэрбииргэ, үтүөнү-үүнэри өһөрөргө анаппыт, айыыттан да, абааһыттан да атын амырыын буолбат дуо?!
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Аллараа бөҕө төлкөтө Амырыынын эбитин! Үөһээ бөҕө төлкөтө Төлөрүйбэтин эбитин!
    Өксөкүлээх Өлөксөй

3 аат тыл #

суолт. Туох эмэ дьулаана, суостааҕа

Нууччалыы Нечто страшное, злобное, чудовищное. [Хоноһолор] туох эрэ суостаахтан, амырыынтан куотар дьүһүннээхтэр

«А» буукуба