ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

анаар

туохтуур

Нууччалыы враз охватить своим взглядом, понятием, впитать в себя необозримое, далекое, необъятное

1 туохтуур #

поэт. Киэҥи, ырааҕы, уйаара-кэйээрэ биллибэти биирдэ хабан көр, бэйэҕэр иҥэрин

Нууччалыы Враз охватить своим взглядом, понятием, впитать в себя необозримое, далекое, необъятное

  • Орто дойдуну очуос үрдүттэн бүтүннүү анаардарбын диэх курдук, тайаҕар тирэнэн баран, чинэллэн олордо.
    Суорун Омоллоон
  • Мин мантан, Ньурба орто оскуолатын түннүгүн анныттан, аан ийэ дойдубун анаара одуулуу турабын.
    С. Федотов
  • Ырыанан былыкка ытынным, - Ырааҕы эргитэ анаардым, - Туруйа турууктуур суолунан Дуорайда хоһоонум тобуллан
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Өйдөөн-дьүүллээн, болҕойон көр

Нууччалыы Изучать, внимательно, вдумчиво постигая, познавая всю суть

  • Биир итинник айан кэнниттэн табаларын аһата туран айанныахтаах хайысхатын анааран көрбүтэ - халлааннаах сирэ хара тумарыкка муммуттар.
    С. Федотов
  • Маннык баай төрөөбүт айылҕатын Маппыр, аан маҥнай көрбүттүү, анаарда.
    Л. Попов
  • Аттыгар бэл туох баарын Адьаһын да анаарбат
    М. Ефимов
Өссө холобурдар (3)
  • Бил-көр, ырыҥалаа. Θ Познавать, понимать, постигать суть. Оттон араадьыйаны истэн, хаһыаты ааҕан аан дойдугун анаар ээ.
    С. Федотов
  • Көрөр хараҕым сабыллыбыта, истэр кулгааҕым бүөлэммитэ, уһуну-ырааҕы анаарбат буолтум өр буолла.
    Болот Боотур
  • Ср. монг. аҥхар ‘смотреть, всматриваться’

«А» буукуба