ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

унаар

туохтуур, даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы медленно и плавно подниматься вверх

Ис хоһооно · 15
I

1 туохтуур #

Оргууй аҕай биир тэҥник сыыйылла үөһэ диэки уһун (хол., буруо, туман туһунан)

Нууччалыы Медленно и плавно подниматься вверх (о дыме, тумане)

  • Алаас тула өттүттэн түптэ буруота унаарбыт.
    С. Данилов
  • Тарпыт табахтарын буруота үрдүлэригэр кыра былыт буолан, унаара устаҥныы сылдьар.
    А. Сыромятникова
  • Онно-манна отуулар күкээркэй буруолара күөх халлааҥҥа унаара уста турдулар
    А. Бэрияк

2 туохтуур #

Чараас буруонан бүрүллүбүт курдук тунааран көһүн

Нууччалыы Подёрнуться лёгкой дымкой, туманом

  • Оччоҕо ол көстөр мырааммыт Күөх торҕо өҥүнэн унаарыа.
    Күннүк Уурастыырап
  • Унааран көһүннэ ахтар сайылыгым, Түптэтин буруотунан өрө күдээрийэн.
    А. Попов
  • Күөх төлөн тунаарар Кэрии тыа кэтэҕэр Солко долгуннуу унааран Ситтэ сир симэҕэ
    Баал Хабырыыс

3 туохтуур #

Кыра тыалтан чуумпутук, холкутук, нус-хас долгулдьуй (уу ньуурун, үүнээйи туһунан)

Нууччалыы Спокойно, безмятежно колыхаться от лёгкого дуновения ветра (о водной глади, о растениях)

  • Ол үрэх уҥуоргу өттө урут бүтүннүү араҕас көмүс подсолнуҕунан, сэлиэһинэй бурдугунан уйаара-кэйээрэ суох унааран олорор буолара.
    Суорун Омоллоон
  • Онно, сыһыы толооҥҥо Бурдук буһан саһарда, Долгун курдук унааран Оргууй аҕай тыалырда.
    С. Васильев
  • Өрүстэрдии унаара Үрэх уута устар
    Н. Туобулаахап

4 туохтуур #

Киһи хараҕа ыларын тухары киэҥ-нэлэмэн буолан нэлэһийэн сыт (киэҥ иэннээх сыһыы, толоон, халлаан туһунан)

Нууччалыы Занимать необозримое широкое пространство, простираться

  • Устата-улаҕата көстүбэт Унаарар Улуу киэҥ сыһыы Айгыр налыр киистэлээх Аарыма Арыы дууп ойуур.
    С. Васильев
  • Баар буолбут ыраах саҕахха Тиийэ унаарар бааһына. Бу кэлэн кундээрийэр харахха Буһан эрэр бурдук долгуна.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Халлаан, көҕөрө унааран, үрдүк да үрдүк
    П. Аввакумов

5 туохтуур #

Наҕыл, холку куоласкынан саҥар

Нууччалыы Говорить спокойным, мягким голосом

  • «Суун, Тиихээн, чэйдиэхпит, бастакы оҕурсуу амсайыахпыт», — Мотуруона кулгааҕы сымнатар намыын саҥата тэпилииссэ диэкиттэн унаарда
    Э. Соколов

6 туохтуур #

Бытааннык, холкутук, аа-дьуо аас, уһун (кун-дьыл туһунан)

Нууччалыы Медленно, неторопливо идти, течь, тянуться (о времени)

  • Ол күнүм унааран бүппүтэ, Билигин эн суоххун, дьэ, сэгээр. Эллэй. Эйэ илгэтинэн тыынар, Күөх саас сыллара унаардыннар.
    Н. Эртюков
  • Сүрдээх үчүгэй түүл курдук Ол саас унааран ааспыт
    Баал Хабырыыс

7 туохтуур #

ан да ымыттыбат, долгуйбат курдук холкутук туттан тугу эмэ гын

Нууччалыы Делать что-л. спокойно, безмятежно, бесстрастно

  • Сүрэҕи нүөлүтэ көрөр Сүрдээх үчүгэй харахтар Уоттарын сахпакка эрэ Унаара көрөр буолбуттар. Н. эртюков
II

8 даҕааһын #

1. даҕ

  • Унаар байҕал обургу Уотунан өрө уһуурда, Оонньуу-көрүлүү долгуйда. Эллэй. Уҥуоргуттан иһэр киһи Отон саҕа оччоон көстөр Кэтит унаар хочотугар Кэбиһии бара турар.
    Д. Апросимов
  • Мин бэйэм да билбэппин, Ол унаар толооннортон Ордороро сүрэҕим Улуу тойон Мүрүнү. Дьолбут к

9 даҕааһын #

Устата-улаҕата көстүбэт, тунаарыйа дьиримнээн көстөр

Нууччалыы Широкий, ровный, простирающийся вдаль, подёрнутый лёгкой дымкой

10 даҕааһын #

Уһун, субурхай

Нууччалыы Длинный, протяжённый

  • Унаар саламаны тартылар.
    П. Ойуунускай
  • Түүлээх дөлөҕөһүн сэлэтин Төргүүтүгэр баанна. Тоҕус былас уһуннаах Унаар салама улкум дьутун тутуурданна!
    Саха фольк
  • Лоҥкууда бөһүөлэк унаар уһун уулуссатын кылбаа маҥан остуолбалар кырылаччы туран киэргэттилэр
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (5)
  • Тыа мутукчата ситэн, хойдон, айылҕа күөх унаарынан киэркэйбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Билигин саас саамай үчүгэй кэмэ — сир дойду ситэн-силигилээн, күөх унаар урсуҥҥа сууланан, уста-долгуйа турар.
    А. Бэрияк
  • Халлаан кытта көҕөрүмтүйэ тунаарбыт. Кырдьаҕастар унаар түспүт диэччилэр. Быһата, сааскы салгын самнаархай кэмэ. Ити аата саас кэлиитэ. ВН СС. 2. Киһи хараҕа ылар бараммат биир көстүү. Θ Безбрежные дали, необозримо широкое пространство. Өртөн ыла эриэккэс Биир баҕа санаалаахпын, Аарыма бэс буоламмын Лена чэлгиэн унаарын Харабыллаан, манаан туруом.
    Н. Тобуруокап
  • Хамсаабат тунал салгын, Долгуйбат уу унаара, Үчугэйиэн ыам ыйын Киэһэтэ сиргэ баара!
    Н. Гоголев
  • Ср . монг. унийар, бур. уняар ‘дым; дымка, туман, марево’

11 даҕааһын #

Биир тэҥ холкутук, бытааннык үөһэ диэки тахсар (буруо, туман туһунан)

Нууччалыы поднимающийся вверх медленно и плавно; спокойно, мягко курящийся (о дыме, тумане)

  • Ыылаах тиэргэн ыраатта, Дьоллоох тиэргэн тунуйда, Унаар түптэ олохсуйда. Саха нар. ыр. II. Саах сыбахтаах Саха туруору балаҕана Оҥкучах алаас үрдүгэр Унаар буруону субуйда
    С. Васильев

12 даҕааһын #

Туох да сүпсүлгэнэ суох, холку, чуумпу, сынньалаҥ (хол.,киэһэ, түүн, күн-дьыл туһунан)

Нууччалыы Тихий, спокойный, без суеты и тревог, размеренный (вечер, ночь)

  • Тыалар, сирдэр тыын ыланнар Унаар түүҥҥэ Уһун күҥҥэ Наҥнастылар, Налыстылар.
    Н. Эртюков
  • Уоттаах куйаас уостуута, Унаар киэһэ буолуута Тиэргэннэргэ субуйбут Буруо сыта тунуйбут.
    С. Тимофеев
  • Оҕо аймах мунньустар Күөх айылҕа тапталыгар, Уонна үрүҥ түүн устар Унаар солко туналыгар
    А. Бурцев

13 даҕааһын #

Өр кэмнээх, уһуннук турар (хол.,уһун куйаас туһунан)

Нууччалыы Продолжительный, долгий (о жаре)

  • Үтүө дьыл өҥөйдө, Унаар куйаас оонньоото, Күдэн куйаас көрүлээтэ, Сиэрэй сэбирдэх силигилээтэ.
    Саха фольк
  • Улуу дойдум уһуктубут, Оһуор ойуу хамсаабыт, Унаар куйаас уолуйбут.
    С. Зверев
  • Унаар куйаастар буолаллар, Уһун ардахтар куталлар
    С. Васильев

14 даҕааһын #

Наҕыллык иһиллэр, бытаан, холку, нарын (ырыа, муусука туһунан)

Нууччалыы Протяжный, медленный, тягучий (о песне, музыке)

  • Иэйиим күөдьүйэн, күүһүрэн, Курус да буоллар дьол түстээх Унаар ырыа үөскүүр аргыый. Түһүлгэҕэ т

15 аат тыл #

суолт. 1. Салгын сылыйан саҕах, халлаан буруолаах курдук буолан тунаарыйан көстүүтэ

Нууччалыы Лёгкая дымка, синеватый (иногда сизый) туман, появляющиеся с наступлением тёплых дней, марево

«У» буукуба