ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

унаар-мэнээр

даҕааһын

Нууччалыы необозримо широкий, открывающийся взору переливающийся разными оттенками красок и с лёгкой дымкой

1 даҕааһын #

Устата-улаҕата көстүбэт киэҥ, киһи хараҕар дьиримнээн, эйэҥэлээн тунаарыйан көстөр (сир)

Нууччалыы Необозримо широкий, открывающийся взору переливающийся разными оттенками красок и с лёгкой дымкой (напр., дали, просторы)

  • Халлааҥҥа эмискэ дьэргэлгэн көстөн кэлэр. Уста сылдьар муустаах Хотугу муора унаар-мэнээр урсуна, күп-күөх оттоох-мастаах кытыла, илиигэ тутуллуох курдук, эйэҥнии дьиримниир.
    Суорун Омоллоон
  • Унаар-мэнээр улуу күөлгэ Умса оонньуур кубалыы, Ыйбыт устар үөл-дьүөлгэ, Былыт уҥуор кылбаҥныы.
    Л. Попов
  • Халлаан уута халыйан тахсан Улаҕата көстүбэт Унаар-мэнээр сыһыыбын угуттаата, Туората көстүбэт Тунаар солко сыһыыбын толордо
    С. Тимофеев

2 этии #

Нууччалыы Занимающий большое пространство, широкий (о местности)

Этиилэр

Унаара-мэнээрэ биллибэт

ыраах сиринэн сытар, олус киэҥ (сир) Ханан да маһа суох унаара-мэнээрэ биллибэт туус маҥан хаар устун сурулатан истибит.

  • Саллааттар, ыраах көстөр мыраан кэтэҕэр унаара-мэнээрэ биллибэт киэҥ тайҕаҕа хорҕойо куоталлар.
    Н. Якутскай
  • Унаардара-мэнээрдэрэ биллибэт киэҥ күөллэр хочолоро сибэкки былаастаах күөх нуолур солко отунан бүрүммүттэр. "ББ"

«У» буукуба