Перевод с якутского
антракт
аат тыл
Нууччалыы антракт.
1 аат тыл #
Испэктээк оонньууларын эбэтэр кэнсиэр отделениеларын быыһыгар буолар кылгас тохтобул
Нууччалыы Антракт. Антракт буолбутугар Сережа Мишаҕа: “Саҥарыма!” - диэн сибис гынна уонна аан диэки үтүрүйдэ. Н. Лугинов. Антракка араас өҥнөөх уһун субурхай серпантиннарынан симэммит саалаҕа, эдэр, кырдьаҕас диэн ордубакка, үҥкүүлээн эргичиҥнэстилэр. П. Филиппов
2 аат тыл #
Испэктээк, опера оонньууларын быыһыгар тохтобулга оонньонор кыра музыкальнай айымньы
Нууччалыы Небольшое музыкальное произведение, исполняемое между действиями оперы, пьесы