ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ап

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы колдовство, чародейство, волшебство

English magic, sorcery, witchcraft

I

1 аат тыл #

Итэҕэл быһыытынан айылҕаҕа уонна киһиэхэ сабыдыаллыыр кистэлэҥ күүстээх дьиктилээх албас, хомуһун

Нууччалыы Колдовство, чародейство, волшебство

  • Оннооҕор буолуох былыргыттан кэлсибит апка абылатар, үгэскэ сүгүрүйэр кинитээҕэр буолуох бааллар.
    Н. Заболоцкай
  • Ол дойдуттан хомуһун бөҕөҕө уһуйуллан, ап бөҕөҕө алкыллан, аар саарга аатырар ойуун буолан тахсыбыта.
    Болот Боотур
  • Чаччыына иһит арыгы туруоран, көрдөһөн-ааттаһан, ойуун абын өһүлтэрбит.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. хомуһун. Ср. монг. аб ‘волшебство’

2 аат тыл #

Ким-туох эмэ киһини умсугутар, тардар күүһэ

Нууччалыы Колдовская, чарующая сила кого-чего-л

  • Онтон ыла таптал абыгар ылларар санаата суох этэ.
    Н. Габышев
  • Үөрэх арчылаах абынан Үтүөрпүт элбэх буойунун Эйэҕэс махтал суругун Эн остуолгар ааҕабын.
    И. Чаҕылҕан
  • Ити бары сырдык хааннаах, Күөх харахтаах, нуучча дьоно Поэзия абынан Мин бэркэ билэр дьонум
    С. Данилов
II

3 даҕааһын #

күүһ. эб., -аҕ, -ар, -аһ - диэн саҕаланар олохторго сыстар: ап-аҕылас, ап-араҕас, ап-аһыы

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся со слогов -аҕ, -ар, -аһ: ап-аҕылас ‘весьма тяжело дышащий, с очень коротким дыханием’, ап-араҕас ‘желтый, прежелтый’, ап-аһыы ‘очень кислый, острый, крепкий’, ап-арылхай ‘очень большие и светлые (о глазах)’

  • Кытарчы уойбут көрүҥнээх эрээри, субу кирилиэһи сабыс-саҥа тахсан турар киһилии, ап-аҕылас.
    ХС
  • Уйаҕа собус-соҕотох, ап-араҕас аппаҥныыр айахтаах, саллаҕар бастаах, баҕа курдук баҕайы бахчаллан олороро.
    И. Федосеев
  • Кини ап-арылхай харахтарынан тургутардыы көрдө.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Ап-аһыы көлөһүн киһи хараҕар киирэр.
    Н. Павлов
  • Ананий хас эмэ хонукка буруону сиэбититтэн ыалдьыбыта. Наар ап-аһыы буруонан тыынар курдуга.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. др. -тюрк. сап: сап-сарыҕ ‘темножелтый’

«А» буукуба