Перевод с якутского
аралдьыт
туохтуур
Нууччалыы привлекать чье-л. внимание на другое и тем самым отвлечь его от работы, занятий и т. п
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Ким эмэ болҕомтотун атыҥҥа тардан, тугу эмэ гынарын умуннар, үлэтиттэн, дьарыгыттан уо. д. а. араар, тэйит
Нууччалыы Привлекать чье-л. внимание на другое и тем самым отвлечь его от работы, занятий и т. п
Оҕонньор кыыһын сааһа ситэ илик, онон халыымын биирдэ көрдүө суоҕа, онон-манан аралдьытыма, хата сөбүлэн, сөп дуо? А. Софронов Күнүс үлэспит болдьохпут кэлэн, проекционнай аппарааты тутан көтөҕөн киирбит Миитэрэй үлэлии олорбут үлэбититтэн тута аралдьытта. Т. Халыев “Бэйэ, аралдьытыма. Ону-маны саныыбын”, - диэн күдээринэ хоруйдуур. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Кэбис, эн миигин аралдьытыма. Аата, бары-бары аайыттан куттаныах сир барамматаҕын И. Федосеев
2 туохтуур #
Кими эмэ санаатын чэпчэт, көнньүөрт
Нууччалыы Отвлекать кого-л. (напр., от мрачных мыслей); развлекать, утешать
Харытыана эрэйдээх бу курдук үксүн курутуйа, үксүн санаарҕыы олордоҕуна, хата Настаа эмээхсин аралдьытта.
П. Ойуунускай[Маркс] адьас өлүөр диэри балаҕыран барбатаҕа, күлүү-элэк тылларынан биһигини аралдьытара. ЛВ МТА. Костя кинини кэпсээнинэн-сэһэнинэн аралдьытан, соҕотох онон да Марыынаҕа уонна Доропуун оҕонньорго улаханнык көмөлөстө Н. Заболоцкай Кими эмэ саатат. Θ Развлекать кого-л. Ити оҕону оонньуурунан аралдьыт эрэ.
Өссө холобурдар (1)
Аллара түһэн ыалдьыттары аралдьыт. Чаас аҥаара буолан баран кэлээр. Н. Островскай (тылб.)
3 туохтуур #
этэр, сэһэргэһэр тиэмэҕин уларыт
Нууччалыы Переменить, изменить тему разговора
Онтон уол, аҕа киһиэхэ куруубайдаабытын кэмсинэн, күлүүгэ-оонньууга аралдьытан кэбиһиэн баҕарда быһыылаах. Амма Аччыгыйа “Тоойуом, сөмөлүөт кэлэрин-барарын төлөпүөнүнэн этээччилэрэ суох”, - Слепцов кыыһы өһүргэтимээри, атыҥҥа аралдьытар. Н. Якутскай “Бу сэриигэ кыайдарбыт эйэ уһуннук, үчүгэйдик олохсуйуох этэ”, - диэн Мичил убайа, кэпсэтиини атыҥҥа аралдьытан, саҥата элбээн барда
Г. Колесов
4 этии #
Этиилэр
Санааҕын аралдьыт көр санаа
Кини [Суоппуйа] куттанара. Санаатын аралдьытаары табах уурунан тардар, иһиллээн көрдөҕүнэ им-дьимҥэ дылы. Д. Таас [Уйбаачаан] санаатын аралдьытаары, киэһэ аайы Таняҕа киирэн бириэмэтин атаарар үгэстэммитэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Ким да кэлэн санаабын аралдьытыа, сүрэхпин үөрдүө дии санаабат этэ [Ньургуһун]. Дьүөгэ Ааныстыырап