Перевод с якутского
архыып
аат тыл
Нууччалыы учреждение для хранения документов прошлого времени
1 аат тыл #
Эргэ, былыргы докумуоннары харайар тэрилтэ
Нууччалыы Учреждение для хранения документов прошлого времени
Билигин архыыптан көстүбүт матырыйаалтан көрдөххө, Алексей Елисеевич бандьыыттары бэриннэрэр туһунан боппуруоһу бэйэтэ киллэрбит эбит. Н. Заболоцкай [Аласов] архыыбы хасыһан кыра дьон, баттаммыт аймах үҥсэр дьыалатын оҥорон биэрэрэ. Н. Заболоцкай Хайаан даҕаны архыып матырыйаалларын туһаныҥ, Архыып баар саамай эрэллээх, саамай кырдьыксыт С. Тарасов
2 аат тыл #
Биир киһи эбэтэр тэрилтэ суруйууларын, суруктарын уо. д. а хомуура
Нууччалыы Собрание рукописей, писем и т. п., относящихся к деятельности какого-л. учреждения или лица
Институт архыыба. Суруйааччы архыыба. Суруйааччы архыыбыгар [учуутал П. Н. Самсоновка] анаммыт икки хоһоон баар. Н. Түгүнүүрэп Хомойуох иһин, суруйааччы архыыба ыһыллыбыт, өссө сороҕо сүппүт быһыылаах. КНЗ ТС