Перевод с якутского
арыалдьыт
аат тыл
Нууччалыы лицо, сопровождающее невесту или жениха во время свадьбы
1 аат тыл #
Сыбаайбаланар кыыһы эбэтэр уолу арыаллыыр киһи
Нууччалыы Лицо, сопровождающее невесту или жениха во время свадьбы
Эдэрдэр арыалдьыттарын кытта киирэн кэллилэр. Үс хоммуттарын кэннэ, биллибэт элбэх түҥүр кэлбит, холобура биллибэт ходоҕой кэлбит, ахсаана биллибэт арыалдьыт кэлбит. Саха сэһ. I. Кэпсэппиппит, арыалдьыт да, таҥнар таҥас да эйиэхэ бэлэм С. Федотов
2 аат тыл #
Кими эмэ кытта бииргэ сылдьыһан, сирдьит буолар киһи
Нууччалыы Лицо, сопровождающее кого-л. куда-л
Нэһилиэк кинээһэ Лэкээрис Лэгиэнтэй, чаччыыналар, хас да оҕонньоттор Алдаҥҥа арыалдьыт буолан кэлсибиттэрэ. Күннүк Уурастыырап Барар буоллаҕына, арыалдьыта да суох бырабылыанньа дьиэтин булан барар ини. С. Ефремов Кини ити дьаһалын ситэ бүтэрэ илигинэ ыстаап тойоно киһи арыалдьыттарыныын ойутан кэллэ. Л. Толстой (тылб.)
3 аат тыл #
Кими эмэ кытта бииргэ сылдьыһан, кини сорудаҕын толорооччу уонна көмө буолар киһи (хол., баай киһи кэргэн ылыытыгар)
Нууччалыы Прислужник (напр., в свите богатого жениха)
Мөһүүрэлээх солко былааттаан, Көмүс биһилэҕинэн киэргэтэн Арыалдьыт кыргыттар аҕалан Күтүөт сэргэ олортулар. С. Зверев [Хахаарар Иван] кулубаҕа, батыһа сылдьар арыалдьыттарыгар мүһэ-хара бөҕөнү сиэтэр, аҥаар арыгыны иһэрдэр М. Доҕордуурап