ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

астар

туохтуур

Нууччалыы приехать рысью или вскачь и резко остановить

Ис хоһооно · 5
II

1 туохтуур #

Сиэллэрэн эбэтэр сүүрдэн кэлэн, эмискэ хоруйа биэрэн тохтот (хол., аты, табаны)

Нууччалыы Приехать рысью или вскачь и резко остановить (напр., коня, оленя)

  • ас I, II диэнтэн дьаһ. туһ. “Бокуонньук кэм туохтаах эмэ буолуо диэн саныырым, онон тойотторум бу дьааһыгы астарыҥ”, - диэтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Мэхээс, мин ааны астаран көрүүм эрэ. Аны аһаайаллар.
    С. Ефремов
  • Кини [оҕонньор] өр да өр үҥэн-сүктэн, ааны астарбыта, итиэннэ ол дьиэ иһиттэн киһи тахсыбыта. Эвен фольк. Табаар кэлиитин саамай үгэнин саҕана, ол хатаппыт ыскылааттаргын астардаххына сатанар.
    М. Попов
Өссө холобурдар (7)
  • Түптэ онно диэн Төгүрүк үс оҥкучаҕы хастарбыт. Түһүлгэ түһүө диэн Орулуостаах алаас Уҥа муннугар Аар баҕах астарбыт.
    С. Зверев
  • Мундербек, халбарыс гынан, сыыһа астаран баран, суон моонньун төрдүгэр саасканан курбуулуур.
    Эрилик Эристиин
  • Икки килэмиэтир усталаах үрэҕи хонууга бульдозерынан астаран сирин тэҥнээбиттэр, биэтэк аспыттар. В. Протодьяконов
  • Сарсыарда халлаан сырдыытыгар Сэргээчээн тордоҕун таһыгар [табаларын] астарда.
    Болот Боотур
  • Хас да кэккэлэһэ олорор ыаллары ааһан, биир кэлим таас түннүктэрдээх балаҕан олбуоругар астаран, тохтоотубут.
    Эрилик Эристиин
  • Мин аргыстарым ампаар дьиэлээх ыал тэлгэһэтигэр ойутан киирдилэр, аттарын “тойон сэргэҕэ” астардылар
    И. Никифоров
  • Тиксиһиннэр, тохтот (хол., тыыны). Θ Причалить, остановить (напр., лодку). Оҕонньор, тыытын ньамахха астараат, санаата батарбакка, ханнык эрэ туолбат, симик эрэмньигэ баһыйтаран, тордоҕун диэки көрдө. С. Курилов (тылб.)

2 туохтуур #

Дьулурҕатык айаннаа (ат туһунан)

Нууччалыы Идти стремительным, быстрым аллюром (о лошади)

  • Бобуоска сыарҕа үрдүгэр улахан чыыннаах тойон киһи, эҕэрдэлээбитинэн, олбуор иһигэр харылаччы астаран киирдэ.
    П. Филиппов
  • Бэрэмэдэйдэри акка бырахта уонна арҕаа диэки атын эргитээт, тиҥилэхтээбитигэр, тоҥо турбут Сындыыс сонно уу дьоруонан астарда. Уустаах Избеков. Кинилэргэ - Айаннатан астаран, Сиэллэрэн сикситэн Бу киэһэ тиийиэҕиҥ
    Суорун Омоллоон

3 туохтуур #

Туохха эмэ аалларан бааһыр (хол., ат арҕаһын туһунан)

Нууччалыы Натереть, намять (напр., о холке лошади)

  • Арҕаһын астарбыт көлө - көлө буолбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Бары аты тула үмүөрүстүлэр. Аттара хаһан эрэ ыҥыырга астарбыт бааһа онно лоппоччу иһэн тахсыбыт.
    П. Филиппов
  • Ыҥыырга, ботоҕо астаран, арҕастарыгар кыһыл сиикэй баастар тахсыбыттара
    А. Сыромятникова

4 этии #

Нууччалыы Выгонять кого-л. из дома, комнаты (букв.: заставлять его открывать дверь затылком)

  • Ааны кэтэҕинэн астар - дьиэттэн, хостон үүрэн таһаар Мин онно кыһыйан кинини [Горбуновы] саҥарбытым. Быһата, ааны кэтэҕинэн астарбытым.
    Д. Таас
  • Сүрэҕин астарбыт - тугу эмэни (хол., сыаны, минньигэһи) наһаа сиэн, аны ону кыайан сиэбэт буолбут. Θ Ему претят жирные и сладкие блюда (букв. он заставил колоться своему сердцу). Оҕо кэмпиэти наһаа сиэн сүрэҕин астарбыт

5 этии #

Астаран ыарыы - сэбиргэхтэтии, ойоҕостотуу

Нууччалыы Воспаление легких

«А» буукуба