Перевод с якутского
ойут
туохтуур
Нууччалыы ехать вскачь, мчаться
1 туохтуур #
Туох эмэ үрдүгэр олорон түргэнник айаннат, ыстаннар
Нууччалыы Ехать вскачь, мчаться
Эчикийэ, эмиэ хайалара өрөһө хайдарынан ойутта? А. Софронов Атын эргитэ тардан, сыбар ойууру ортотунан, суола суох сиринэн үлтү барчалаан, мүччү ойутан таҕыста.
Суорун ОмоллоонБалтараа көс сири муҥ кыраайбынан ойутан тиийэммин, ампаарбын тэлэйэ баттаатым Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
ан сыһыат туохтуур киэбин ылынан хайааһын олус түргэнник, тэтимнээхтик оҥоһулларын көрдөрөр
Нууччалыы В значении деепричастия на -ан обозначает мгновенность, энергичность действия
Эрдэлиир Миитэрэй киһитин чугастааҕы ыалга ойутан таһаарбыт. Амма Аччыгыйа Аҕам улахан этэрбэһэ ыйанан турарын сулбу ойутан ылан, балтыбар кэтэрдэн кэбистим. Т. Сметанин Киһим сүүрэн ыадалыйан тиийдэ да, суон баҕайы мутугу сулбу ойутан аҕалан, охсон саайда Р. Кулаковскай