ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атара

аат тыл

Нууччалыы галоп четвероногих животных вперемежку то передними, то задними ногами

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Ат, тайах, таба уо. д. а. икки кэлин, икки илин атахтарынан хардары-таары тэбинэн, ыстаҥалаан сүүрүүтэ; бөтөрөҥ

Нууччалыы Галоп четвероногих животных вперемежку то передними, то задними ногами

  • Арҕаа, айан суолунан биир уу-көгөччөр аттаах киһи тибилиннэрэ турда, ата атаранан түһэр, кутуруга субуруйан хаалар.
    А. Сыромятникова
  • Адаар муостаах буурдаргынан Акыйааны уҥуордатан Айаннатан дьалкыһыта, Атаранан таммалата - Уолан киһи Улуро, Ыллаа, ыллаа Улуро
    Н. Босиков

2 этии #

Нууччалыы Самый быстрый вид бега иноходью

  • Атара дьоруо - саамай түргэн дьоруо Никифоров кинээс атын атара дьоруонан түһэрдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Үчүгэй буолар алаас-алаас аайы атара дьоруонан астара айанныыр.
    С. Федотов
  • Атара сэлии - саамай түргэн сэлии. Θ Быстрая рысь. Төрүт да сыыдам айанынан иһэр Баһыкай өссө түргэтээн, атара сэлиинэн аспытынан барда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Өр сынньанан сэниэ ылбыт ат төгүрүк алаас хонуутугар атара сэлиинэн дьигиһийэн киирэр.
    Н. Якутскай
  • Сэкирэтээр уол атын үрдүгэр хапсаҕайдык олоро түспүтэ да, атара сэлиинэн түһэрбитэ. В. Протодьяконов
II

3 аат тыл #

Балыктыыр тэрил: туу курдук буолан баран, үрдэ аһаҕас, тутаахтаах; (саас ыам саҕана кытыыга, чычааска тахсыбыт балыгы саба баттаан, хаайан туран, итигэстээн ылаллар)

Нууччалыы Рыболовный снаряд в виде верши на ручке для ловли карасей на мелководье во время метания икры (широкое основание снаряда прижимают вглубь озера и захваченных таким образом карасей вытаскивают руками через верхнее отверстие)

  • Кытылга кэккэлии тардыллыбыт мас уонна туос тыылар тастарыгар илим, туу, бэрэмээт, күөгү, атара уонна куурдар аргылар, балык хатарар сибиэлэр турбуттара. “
    ХС

4 аат тыл #

Балыгы батары анньан бултуурга аналлаах, тимир атырдьахха маарынныыр үөрбэ

Нууччалыы Орудие для ловли рыбы - острога

  • Арай убайа атаранан бултуурун үтүктэн, синньигэс талаҕы быһаҕынан уһуктаан баран, кытыыга тахсан турар сордоҥнорго үөмсэн көрүтэлээбитэ.
    ХС
  • Өрөгөйүҥ өһөн, Өлөр-хаалар күнүҥ Үтүрүйэн кэллэҕинэ, Үрдүк ааппын, Үтүө сурахпын Аат ааттаан Амалыйа туойдахпына - Үөһэ буоллахпына Үөрбэ буолан түһүөм, Аллара буоллахпына Атара буолан күөрэйиэм
    П. Ойуунускай

5 этии #

Атара кутурук - хотойу ойуулаан - хоһуйан көрдөрөр эпитет Алаатыка! Ким даҕаны аанньа көтөр суох дииллэрэ баар эбээт! Көрбөккүт дуо ол олорор арылы харах, атара кутурук, алтан сабарай хомпоруун Хотойу? Суорун Омоллоон. Хотойу маннык эпитеттэринэн хоһуйаллар: “Чуучугуруур таас тумус, атара кутурук, алтан сабарай, ала мондоҕой, тайбыыр дьаҕыл, сүҥкэн эрили хомпоруун хотой”. КНЗ СПДьНь

Нууччалыы Эпитет, употребляемый при воспевании орла

«А» буукуба