ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атас

аат тыл

Нууччалыы чей-л. приятель, друг, товарищ

English friend

I

1 аат тыл #

Кимиэхэ эмэ доҕор, табаарыс

Нууччалыы Чей-л. приятель, друг, товарищ

  • Атас туһугар атах тостор (өс хоһ.). “Олус көмүскээмэ, атас, бэйэҕэр сыстыа”, - диэн саайда Ваня.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ыаллара] тиийэн кэлэллэрин кытта, суккун сонноох Суут албын: “Доҕоор, атастарым кэллилэр, күөстээ эрэ”, - диир.
    Суорун Омоллоон
  • Испирдиэн былыр мин аҕам саамай истиҥ атаһа этэ.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. адаш, ат даш ‘тезка’
II

2 аат тыл #

, эргэр. Мэнэйдэһии; туох эмэ хардата, төлөбүрэ (малынан, нотууранан)

Нууччалыы Мена, обмен; замена, оплата (натурой)

  • Ол атаһы кинилэргэ табах биэрэр. Оҕуспутун атаһа да суох уларсыахпыт
    ПЭК СЯЯ
III

3 аат тыл #

, харыс т. Киис атыыра

Нууччалыы Соболь-самец

  • Атас эбит. Өҥ-түү мааны
    СГФ СКТ

«А» буукуба